Бурнашев Иннокентий Иванович

Бурнашев Иннокентий ИвановичТоҥ Суорун (1868—1945), олоҥхоһут, норуот ырыаһыта. ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.

Тоҥ Суорун

1868 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүт. Эдэр сааһыгар биллиилээх олоҥхоһуттары истэр этэ.

Бэйэтин үөрэтээччитинэн Захаров Т. В. — Чээбийи, аатырбыт Амма олоҥхоһутун ааттыыр этэ.

10 олоҥхону билэрэ, 20 остуоруйаны, 30 номоҕу. Фолльклорист Эргис Г. У. 1934 сыллаахха Дыырай бухатыыр олоҥхотун суруйан ылбыта.

Айымньылара уларыт

  • Ырыа-тойук. — Дь., 1944.
  • Аал Луук Мас. Олоҥхоттон быһа тардыы. — М., 1938.
  • Аныгы Атыачастыбыннай сэрии. Кырдьык кыайар. — Дь., 1945.

Өссө маны көр уларыт

  • Васильев Г.М. Живой родник. — Якутск, 1973.
  • Эргис Г.У. Очерки по якутскому фольклору. — М., Наука, 1947.
  • Емельянов Н.В. Сюжеты ранних типов якутских олонхо. — М., 1983.

Ылыллыбыт сирэ уларыт