Былыргы түүрдэр — Киин Азияҕа Түүр хаҕанатын тэрийбит омук. Былыргы түүрдэр олохтоох Алтаай дьоно уонна кэлии Ашина аҕа ууһун булкуһуутуттан үөскээбиттэр.

Ааттара уларыт

Былыргы түүрдэри уонна билиҥҥи түүр тыллаах омуктары араарар гына чинчийээччилэр араас-араас терминнери тутта сатыыллар. Холобур, Улахан Нууччалыы Энциклопедияҕа (БРЭ) былыргы түүрдэри "собственно тюрки" диэн ааттыыллар.

Аатырбыт чинчийээччи Л.Н. Гумилев түркүт (нууч.: тюркют) диэн тылы туттар: түрк диэн түүрдэр бэйэлэрин ааттанар ааттара, -үт диэн моҕол тылыгар элбэх ахсаан сыһыарыыта.

Кытайдар былыргы түүрдэри кыт. 突厥 (пиньинь: tūjué) диэн ааттыыллара, ол иһин сорох нуучча чинчийээччилэрэ "тюрк-тюгю"[1] эбэтэр "тугю" (Н.Я. Бичурин "тукюе" диир) диэн ааттары тутталлар.

Сорох чинчийээччилэр буоллаҕына былыргы түүр тылынан суруллубут суруктарга олоҕуран "кёк тюрк" (көк түрк) диэн ааты ылыналлар[2]. Бу ааты былыргы түүдэр бэйэлэрин ааттанар ааттара дииллэр уонна "күөх түүрдэр" эбэтэр "халлаан түүрдэрэ" диэн тылбаастыыллар.

Археологтар буоллаҕына ордук "Алтаай-теле түүрдэрэ" диэн аатын тутталлар[3].

Түрк (былыргы түүр.: Türük[4][5], кыт. 突厥, пиньинь: Tūjué, орто кыт.: tʰuot-küot, грек.: Τούρκοις) диэн аат бастыкытын VI-с үйэҕэ туттуллубута биллэр. Ол курдук кытай суруктарыгар 542 сыллаахха түүрдэри ахталлар[6]. Европаҕа буоллаҕына түүрдэр туһунан бастыкытын Менандр уонна Феофан диэн Византия историктара суруйаллар[7]. Ышбара хаҕан (581–587 сс.) Кытай ыраахтааҕытыгар суругар бэйэтин "түүрдэр улуу хаҕаннара" дэнэр[8].

Араас былыргы суруктарга түүрдэр ааттара маннык суруллан хаалбыт: Согд тылынан — twrk, орто перстии — turk, араабтыы — trk (арааб.: ترك), Сирия тылынан – turkaye, гректии – τoύpκoç, санскриттии – turuška, Тибет тылынан — drug, drugu, Хотан тылынан – ttûrka, tturki[9].

Ону таһынан Византиятааҕы суруктарга түүрдэри "скиф" (Σκύθαι) диэн ааттыыллара биллэр[10][11]. Оттон пехлеви суруктарыгар (орто перс тылынан) түүрдэри "тур" диэн былыргы Туран олохтоохторун кытта булкуйар этилэр[12].

Былыргы түүрдэр уонна Ашина аҕа ууһун туһунан уларыт

Былыргы кытайдар суруйбуттарынан түүрдэр хууннартан төрүттээхтэр[13].

Алтайга Ашина аҕа ууһун тула "түрк" диэн ааттаах биистэр холбоһуктара үөскүүр[14]. Бу кэмҥэ былыргы түүрдэр жуань-жуань диэн омуктан тутулуктаах этилэр[15]

Үгүс чинчийээччилэр, холобур, Х.В. Хауссиг[16], А.Н. Бернштам[17], Ю.А. Зуев[18], Д.Г. Савинов[19], С.П. Гущин[20], Рон-Таш[21], Р.Н. Фрай[22], Финдли[23], В.У. Махпиров[24] сабаҕалыылларынан Ашина аҕа ууһа сака-усунь төрүттээх. Картер Финдли этэринэн "Ашина" аҕа ууһун аата Орто Азиятааҕы Ираанныы төрүттээх тылларга "күөх" диэн суолталаах[25].

Быһаарыылар уларыт

  1. Поздняков Д. В. Формирование древнетюркского населения Горного Алтая по данным антропологии // Археология, этнография и антропология Евразии 3 (2001): 142.
  2. Тишин, 2014, с. 79
  3. Савинов Д. Г. Формирование и развитие раннесредневековых археологических культур Южной Сибири. // Автореф. дисс. ... д-ра истор. наук: 07.00.06 — археология. Новосибирск: 1987.
  4. Kultegin’s Memorial Complex, TÜRIK BITIG Khöshöö Tsaidam Monuments
  5. Bilge Kagan’s Memorial Complex, TÜRIK BITIG Khöshöö Tsaidam Monuments
  6. Акишев К. История Казахстана, 1996 (1-том). С.296
  7. В начале четвертого года царствования Юстина в Византию прибыло посольство от турок. (Менандр. Отрывок 18)
  8. 新亞研究所 – 典籍資料庫. Тургутулунна 18 Кулун тутар 2015. Төрүт сириттэн архыыптанна 21 Олунньу 2014.
  9. Golden P. An introduction to the history of the Turkic peoples: Ethnogenesis and state-formation in medieval and early modern Eurasia and the Middle East, Wiesbaden: O. Harrassowitz: 1992, P. 117.
  10. G. Moravcsik, Byzantinoturcica II, P. 236-39.
  11. Византийские историки Дексипп, Эвнапий, Олимпиодор, Малх, Петр Патриций, Менандр, Кандид, Ноннос и Феофан Византиец.
  12. Авеста в русских переводах. — Санкт-Петербург, 1997. — С. 457. — ISBN 5-88812-039-1.
  13. Бичурин Н.Я. Собрание сведений о народах Средней Азии. — Москва-Ленинград:: Академия наук СССР, 1950. — С. 220.
  14. http://www.nsc.ru/HBC/hbc.phtml?11+389+1 Архыыптаммыт 2020, Бэс ыйын 12 күнүгэр.
  15. Савинов Д. Г. Народы Южной Сибири в древнетюркскую эпоху. — Л.: Изд-во ЛГУ, 1984. — С. 32.
  16. Haussig Н.W. Byzantinische Qullen über Mittelasien in ihrer historischen Aussage // Prolegomena to the sources on the history of pre-Islamic Central Asia. Budapest, 1979. S. 55-56.
  17. Бернштам А.Н. Никита Яковлевич Бичурин (Иакинф) и его труд «Собрание сведений…» М.-Л., Наука, 1950.
  18. Зуев Ю.А. Тамги лошадей из вассальных княжеств (Перевод из Китайского сочинения 8-10 вв. Танхуйяо, том 3, глава (цзюань) 72, стр. 1305—1308)
  19. Савинов Д. Г. Владение Цигу древнетюркских генеалогических преданий и таштыкская культура. // Историко-культурные связи народов Южной Сибири. Абакан: 1988. С. 64-74.
  20. Муратов Б. А. ДНК-генеалогия тюркоязычных народов Урала, Волги и Кавказа. Том 4, серия «Этногеномика и ДНК-генеалогия», ЭИ Проект «Суюн». Vila do Conde, Lidergraf, 2014, илл. ISBN 978-5-9904583-2-1.
  21. Róna-Tas 280.
  22. Frye Richard N. Turks in Transoxiana
  23. Findley 39.
  24. Махпиров В.У. Имена далеких предков / В. У. Махпиров. — Алматы: Инс-т востоковедения МН АН РК, 1997, С.137-138.
  25. CARTER VAUGHN FINDLEY.THE TURKS IN WORLD HISTORY. 2005, с.39,41.


Эбии көр уларыт

Литература уларыт

  • Тюрки / И. Л. Кызласов // Телевизионная башня — Улан-Батор. — М. : Большая российская энциклопедия, 2016. — С. 621–622.
  • Ганиев Р. Т. Восточно-тюркское государство в VI—VIII вв. — Екатеринбург: Издательство Уральского университета, 2006. — С. 152. — ISBN 5-7525-1611-0
  • Тишин В. В. К интерпретации сочетания kök türk // Проблемы востоковедения. — 2014. — Т. 63, № 1.
  • Гаврилова А. А. Могильник Кудыргэ как источник по истории алтайских племен. М.-Л., 1965.
  • Савинов Д. Г. Формирование и развитие раннесредневековых археологических культур Южной Сибири// Автореф. дисс. ... д- ра истор. наук: 07.00.06 – археология. Новосибирск: 1987.
  • Трифонов Ю. И. Кочевнические элементы в материальной культуре оседлого населения Южного Казахстана в период раннего средневековья. // Конф. "Взаимодействие кочевых культур и древних цивилизаций»: Тез. док. А-Атаһа, 1987.
  • Кызласов Л. Р. Городская цивилизация тюркоязычных народов Южной Сибири в эпоху средневековья. // Взаимодействие кочевых культур и древних цивилизаций. Алма-Ата, 1987.