Джи Ханнелиус
Женевье́в Найт «Джи» Һанне́лиус (ааҥл. Genevieve Knight «G» Hannelius; төр. 1998 сыл ахсынньы 22 күнүгэр)[1] — Америкатааҕы актриса уонна ырыаһыт. «Dog with a Blog» диэн Disney Channel оригинал ситкомыгар сүрүн оруоллаах буолан аатырбыта. Ону кытта кини «Sonny with a Chance», «Good Luck, Charlie!» сериалларга кыракый хатылыыыр оруоллардаах этэ уонна хорум атын сорох сериалларга ыҥырыллыбыт ыалдьыт этэ. Билигин бэйэ Youtube ханаалын ыытар.[2]
Джи Ханне́лиус | |
---|---|
G Hannelius | |
2015 сылга | |
Төрөөбүтүнэн аата |
Genevieve Knight Hannelius |
Төрөөбүтэ | Ахсынньы 22, 1998 ; Бостон, Массачусеттс, АХШ |
Идэтэ | Актриса, ырыаһыт |
Үлэтин сыллара | 2009—билигин |
ghannelius.com |
Олоҕун олуктара уларыт
Кыыс Бостоҥҥа, Массачусеттс штаакка хотугу американка уонна швед[3] ыалыгар төрөөбүтэ. 3 сааһыгар соҕуруу Мэҥҥэ көспүтэ. 2005 сылтан Мэн Оҕо тыйаатырыгар оонньуур буолбута. 2008 сылга дьиэ кэргэнниин Лос-Анджелеска көспүтэ. Ол кэнниттэн сериалларга кыттан саҕалаабыта.
Карьерата уларыт
Бастакы оруола (Кортни Паттерсон) «Surviving Suburbia» ситкомҥа этэ. Ол кэнниттэн Disney Channel сериалларыгар кыра оруоллары оонньоон барбыта.[4] 2010 сылга Disney «Den Brother» диэн оригинал киинэтигэр оруолу ылбыта.
Онтон 2012 сылтан саамай улахан киэҥ билиини «Dog with a Blog» диэн ситкомҥа Эйвери Дженнингс оруолун оонньоон ылбыта. Ону кытта саҥалыыр оруоллардаах этэ (холобур, «Wander Over Yonder» уонна «Sofia the First» мультсериалларга).
2016 сылга Roots диэн мини-сериалга кыттыбыта.
Ырыаһыт быыһытынан кини аҕыйах сиҥллаах (iTunes Store уонна Google Play'га аһаҕастар). Джи сэттэ ырыаны суруйбут. «Dog with a Blog» сорох эпизодтарыгар ыллаччы (холобур, "Friends Do") этэ. Билиҥҥигэ бүтэһик ырыата "Lighthouse" диэн Spotify уонна iTunes'ка аһаҕас.
Урбаан ылыныылара уларыт
Джи 12 сааһыттан тыҥырах урамньыйын ыйыыларын (nail art tutorials) Youtube ханаалыгар оҥорор этэ. 16 сааһыгар кыыс «Make Me Nails» диэн beauty-tech компанияны тэрийбитэ.
Аҕыйах сылынан бэйэтин тыҥырах оҥоһуктардаах буолбута. 2019 сылга G Polish диэн лактары атыылыырга соннук ааттаах ситим-сири тэрийбитэ.[5]
Фильмографията уларыт
Киинэлэр уонна телесериаллар | |||
---|---|---|---|
Сыла | Нууччалыы аата | Оригинал аата | Оруол |
2009 | Surviving Suburbia | Кортни Паттерсон | |
2009 | Ханна Монтана | Hannah Montana | Тиффани (3.16 эпизод) |
2009-2010 | Дайте Санни Шанс | Sonny with a Chance | Дакота Кондор (1—2 сезон) |
2010 | Один брат на весь отряд | Den Brother | Эмили Пирсон |
2010 | В Поисках Санта Лапуса | The Search for Santa Paws | Джени |
2010-2011 | Держись, Чарли! | Good Luck, Charlie! | Джо Кинер (1—2 сезон) |
2011 | Мистическая пятерка | Spooky Buddies | Розабелла (саҥата) |
2012 | Пятерка кладоискателей | Treasure Buddies | Розабелла (саҥата) |
2012-2014 | Собака точка ком | Dog with a Blog | Эйвери Дженнингс |
2013 | Мистическая пятерка | Spooky Buddies | Розабелла (саҥата) |
2014 | Пятерка супергероев | Super Buddies | Розабелла (саҥата) |
2014 | Джесси | Jessie | Макензи (3.21 эпизод) |
2014 | София Прекрасная | Sofia the First | Леди Джой (саҥата) (2.10 эпизод) |
2016 | Корни | Roots | Милли Уоллер (Episode: «Part 2») |
Дискографията уларыт
- 2011 – "Staying Up All Night"
- 2011 – "Two In a Billion"
- 2011 – "Just Watch Me"
- 2012 – "Sun In My Hand"
- 2012 – "Paper Cut"
- 2014 – "Moonlight"
- 2014 – "Stay Away"
- 2014 – "Friends Do" (From Dog With A Blog)
- 2014 – "4:45"
- 2016 – "Lighthouse"
Быһаарыылар уларыт
- ↑ G. Hannelius (January 9, 2010). "Q and A | G_Hannelius" [Official site]. Twitter. Retrieved August 6, 2010.
- ↑ GByGNailArt - YouTube. YouTube. Тургутулунна 8 Тохсунньу 2017.
- ↑ "Here Come the Girls!". Disney. Retrieved June 8, 2014.
- ↑ "Meet G Hannelius". Girls' Life. Retrieved August 6, 2010.
- ↑ GPolish. Тургутулунна 19 Бэс ыйын 2020.
Сигэлэр уларыт
- Geneviev Hannelius (Youtube ханаала);
- G. Hannelius туһунан Internet Movie Database;
- Geneviev Hannelius Твиттерга;
- G Hannelius Инстаграммҥа.