Борисов Николай Федорович (Николай Уус) — суруйааччы, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.

Олоҕун олуктара уларыт

  • 1932 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • 1961 с. — Томскайдааҕы государственнай университет юридическай факультетын бүтэрбитэ.
  • Үлэлээбит идэлэрэ: зоотехник, следователь, прокурор көмөлөһөөччүтэ.
  • 1972—1988 сс. — Саха АССР прокурорун солбуйааччыта.
  • 1988 сылтан — Главнай государственнай арбитр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү арбитражнай суутун Бэрэссэдээтэлинэн талылла сылдьыбыт.
  • 1993 с. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын чилиэнэ.
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин президиумун чилиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ааһыныы боппуруостарыгар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Ис дьыала миниистирин сүбэтин чилиэнэ.

Айар үлэтэ уларыт

Бастакы кэпсээнэ «Өймөкөөн тыатыгар» 1979 сыллаахха «Хотугу сулус» сурунаалга тахсыбыт. Онтон ыла 20-чэ кинигэлэри айан бэчээттэппит.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара уларыт

Библиография уларыт

  • Ытыллыбыт буулдьа: Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1984. — 104 с.
  • Эргэ саа: Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1987. — 136 с.
  • «Манчаары Баһылай — юрист көрүүтүнэн: докумуоҥҥа олоҕурбут сэһэн». — Дь.: «Медиа-холдинг», 2012.

Быһаарыылар уларыт

Сигэлэр уларыт