Саха таабырыннара – нуччалыыта якутские загадки

Ойуур кыыллара

1.    Куттанара эрэ куоска, мананара эрэ мааска, соһуйара эрэ сохсо, чачайара эрэ чааркаан.  Кутуйах

2.    Эҥээ кыыһа эмэх дьиэлээх үһү.  Нэтээги

3.    Арыҥах мас анныгар түспүт хаар хараарбат үһү.  Тииҥ өрөҕөтө

4.    Ойуурга ойуулаах сонноох оҕолор бааллар yһy.  Моҕотой

5.    Кыыс оҕо сонун тэллэҕэр бэчээттээх үһү.  Кырынаас

6.    Буотама кыыһа буор бэргэһэлээх,

Өлүөхүмэ кыыһа оhох бэргэһэлээх,

Хатылы кыыһа хаар бэргэhэлээх.  Сир эһэтэ, солоҥдо, кырынаас

7.    Таатта кыыһа таас дьиэлээх үһү.  Таарбаҕан

8.    Муора кыыһа буор дьиэлээх yhy. Дьабарааскы

9.    Хонууга хорос гынар, сыhыыга сырбас гынар баар yhy. Дьабарааскы, Саһыл

10. Бөкүнүйэ-бөкүнүйэ бүөр сыата баар үһү.  Куобах


Хомуйан оҥордо Семёнова Ульяна Аркадьевна

Бэчээккэ илии баттанна 31.10.2017.

Киэбэ-кээмэйэ 70х90 1/32

3,51 усул.бэч.лиис. 1,87 учуот.-изд.лиис.

Ахсаана 8000 экз. Сакааһын №-рэ 184