Сүһүөх, тыл сүһүөҕэ — тыл дорҕоонунан арахсар чаастара. Былыргыттан сүһүөх диэн биир тыынынан бииргэ этиллэр дорҕооннортон турар тыл чааһа диэн быһаарыы баар. Ол быһаарыы экспирация түөрүйэтэ диэн ааттанар. Тылы умайар чүмэчи уотун иннигэр саҥардахха уот тахсар салгынтан хамсыыр, хаста хамсыыр да, оччо сүһүөхтээх диэн буолар. Ол эрээри сорох тыллар бу быраабылаҕа сөп түбэспэттэр. Онон бу түөрүйэни сонорнай түөрүйэ солбуйбута.