Тиит Арыы

Тиит Арыы куйаартан көстүүтэ

Өлүөнэ өрүс алын тардыытыгар баар арыы, хотугу кэтирээһинэ 72°. XX үйэ саҥатыгар А. Каяндер ботаник бу арыыга үүнэр тиитэри чинчийбитэ.

Тииттэр 4 м үрдүктээхтэр этэ уонна саастарынан 260 - 420 сыл этилэр. Хомойуох иһин сэрии кэмигэр тииттэр кэрдиллибиттэрэ, аҕыйах мас хаалбыта. Кэнчээри мастар 40 сылга 1 м үүнэллэр. Онон бу арыыга мастар аан дойдуга саамай хоту үүнэр сирдэринэн буолар.

Арыыга Тиит Арыы диэн бөһүөлэк баар буола сылдьыбыта. Сэрии кэмигэр уонна 60 - 70 сылларга диэри манна балыксыттар олорбуттара.

Ылыллыбыт сирэ уларыт

  • Якутия, рекорды,Якутск, 2004.