Ырытыы:Бордоҥ (Ньурба нэһилиэгэ)

Тиһэх суруйуу: 14 сыл ынараа өттүгэр HalanTul-тан

Сунтаарга Бордоҥ диэн баара, Ньурбаҕа баар нэһилиэк аата Бордоон буолуо дуо? --HalanTul 03:24, 30 От ыйын 2009 (UTC)Хоруй

Сунтаарга Бордоон уонна Үһүс Бордоон диэн баар. Төрүттэрэ биир буолуо. Атын улуус буолла да атыннык суруллуохтаах диэн буолбата буолуо. --TumatUola 04:05, 30 От ыйын 2009 (UTC)Хоруй
Арааһа кырдьык төрүттэрэ биир буолуо, ол гынан баран мин куруук Сардаҥаҕа олорор ырааҕынан аймахтарбыттан Бордоҥ диэн истээччибин, бэйэм сылдьыбатаҕым, ол иһин ыйытабын. Чуолкайдаатахпына суруйуом. --HalanTul 04:35, 30 От ыйын 2009 (UTC)Хоруй
Бу яндексынан буллум:
  • Буор куттаах, Бордоҥкуй таҥаралаах, буор күөстээх бороҥ урааҥхай бордоҥ бииһин ууһа, диэн буолар. Өскө дьаархаттар уу дьоно буоллахтарына, бордоҥнор ол утарыта дьоннор. Бордоҥнор буор дьоно. (Уххан)
  • Сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр билиҥҥи Сунтаар улууһун кииниттэн чугас баар Илимниир диэн сиргэ Мөтөх уола Анисим диэн бэрт сытыы-хотуу киһи олорбута үһү. Бу Анисим Бордоҥ нэһилиэгэр Батыгыр Баһылай диэн киһи ойоҕун кытта көссүүлэһэрэ үһү. (Кыым хаһыат)
  • Холобур Сунтаар улууһун, Бордоҥ аймаҕын, Тэҥкэ түөлбэтэ. Ол Аата биһиги улууспут центральнай уобаластары кытары тэҥ бырааптаах буолар. Уруй!!! (Сахалыы Гелиос, кэпсэтэр сир)
  • Олортон 1972 сыллаахха «Бордоҥ былыргыта» сурунаалы миэхэ бэлэхтээбиттэрэ. Онтон бүгүн «Далбарай Баай» үһүйээни ааҕыаҕыҥ. (Кыым)

--HalanTul 04:53, 30 От ыйын 2009 (UTC)Хоруй

"$ 1" битенә кире ҡайтыу