Эргэ Ыйаах диэн христиан Биибилийэтин бастакы сороҕо. Былыргы дьэбэриэйдэр Танах диэн ытык суруйууларыгар олоҕурар. Христиан биибилийэтин иккис сороҕо Саҥа Ыйаах дэнэр. Эргэ Ыйаах битиктэрин элбэх үйэлэр тухары араас айымньыһыттар суруйбуттара.

Христианнар Эргэ Ыйааҕы төрүкү түөрт үллэскэ араараллар:

  • 1. Биэс Битик дьэбэриэй Торатын кытта дьүөрэлэһэр;
  • 2. История битиктэрэ Ыһыраайыл биистэрэ Ханаан сирин баһылаабыттарыттан саҕалаан Баабылга былдьаныахтарыгар дылы кэм туһунан кэпсииллэр;
  • 3. Мындыр битиктэрэ сүрүннээн аан дойду үчүгэй-куһаҕан ыйытыктарын быһаараллар;
  • 4. Көрбүөччүлэр битиктэрэ Таҥараттан тэйии содулларын туһунан сэрэтэллэр.

Эргэ Ыйаах сиэригэр (канонугар) киирэр битиктэр ахсааннара, кэккэлэрэ, ааттара Христиан итэҕэлин араас салааларыгар уратылаахтар. Көнөһүт уонна Илин Көнөһүт Таҥара дьиэлэрин сиэрдэрэ 49 битиктээхтэр, Католик Таҥара дьиэтин сиэрэ 46 битиктээх, Өрөһүт Таҥара дьиэлэрин үгүс сиэрдэрэ 39 битиктээхтэр.

Тиһилигэ уларыт

Эргэ Ыйаах битиктэрин ис хоһооннорунан маннык үллэрэллэр: