Аан дойду ыччатын сомоҕолоһуутун күнэ

Аан дойду ыччатын сомоҕолоһуутун күнэ — сылын ахсын муус устар 24 күнүгэр бэлиэтэнэр.

1955 сыллаахтан социалистыы уонна хомуньуустуу хамсааһыннар тэрийбит Аан дойдутааҕы дэмэкирээтии ыччат федерацияларын көҕүлээһинэн бэлиэтэнэр. Бастаан Аан дойду ыччатын холуонньалары утары сомоҕолоһуутун күнэ диэн ааттааҕа. ССРС сууллубутун кэннэ сүрүн өйөөччүтүн сүтэрэн биирдиилээн хомуньуус баартыйалар бэлиэтиир күннэригэр кубулуйбута.