Аат тыл хомуур ахсаана (тыл)

Аат тыл хомуур ахсаана — бастакытынан, биир ахсааҥҥа турар уопсай аат биир уустаах барамайы барытын, бүтүннүүтүн көрдөрүүтэ буолар. холобур, Быйыл бу дойдуга ОТ кыайан үүммэтэ, оҕуруот АҺА да мөлтөх. Иккиһинэн, иккиттэн элбэх эбэтэр ханыы уонна чопчута суох элбэх ахсааннаах барамай кэпсиирэтин биир ахсааҥҥа туруоруу. Холобур, ИЛИИМ тыытар, АТАҔЫМ ыалдьар, КУЛГААҔЫМ тардыалыыр. Быйыл ҮЛЭ-ХАМНАС мөлтөх, ОТ-МАС кэмчи буолар туруктаах.

Хомуур суолта маннык үөскүүр:

1) Биир ахсаан халыыбыгар турар аат, барамай ууһунан уонна хомуур өйдөбүллэрин бэлиэтээн, элбэх ахсаан суолталанар. Холобур: Быйыл ТУЛЛУК үгүс. О¡О сылдьыбат.

2) Хомуур суолтаҕа ордук чаастатык бытархай, өрүү элбэх, ахсаана чопчуламмат уопсай аат өйдөбүллээх барамайдар: от, мас, отон, хаптаҕас, кус, сүөһү, дьадаҥы, о.д.а. «бары» диэн суолтаҕа биир ахсааҥҥа туран туттуллаллар.

3) Л. Н. Харитонов ханыы тыллар хомуур өйдөбүллээх ааттары үөскэтэллэр диэн бэлиэтээбитэ. Холобур, сүбэ-ама, сыал-сорук, суол-иис, о.д.а.

4) Ханыылаах барамайы көрдөрөр ааттар хомуур өйдөбүллээх буолан, үксүгэр элбэх ахсаан сыһыарыыта суох туттуллаллар. Холобур, АТА¡А ыалдьар. ХАРАХ көрбөтүн КУЛГААх истэр. Тылга бу ханыылаах тылтан биирэ туттулларын анаан бэлиэтээн этэр үгэс баар. Холобур: СОХХОР киһи. ИККИ кулгааҕа бүөлэннэҕэ дуу?

5) Ахсааҥҥа араарыллыбат кэлимсэ барамайдар, эттиктэр таас чох, сир баайа, уу, салгын, о.д.а. уонна айылҕа көстүүтүн бэлиэтиир тыллар чаҕылҕан, дьүкээбил, куйаас, тыал, кураан, о.д.а. хомуур ахсаан өйдөбүллээх буолан, биир ахсаан халыыбыгар тураллар.

6) Хомуур суолтаны саха тылыгар төрүт түһүккэ турар көнө толоруу бэлиэтиир. Холобур, Дьоро киэһэҕэ АЛААДЬЫ, САЛАМААТ, КУС сиэтибит.