Үс харчы — нуучча харчытын номинала, бастаан алты́н эбэтэр алты́нник (тат. алты — «шесть») диэн ааттанара.

1711 сыллааҕы үрүҥ көмүс алтын, 1704—1718 сс. Петр I ыраахтааҕы кэмигэр быһыллыбыт

Алтын уларыт

 
Солкуобай, алтын бэлиэлэрэ уонна харчы алтанынан манньыат оҥорор аакка (XVIII үйэ бастакы чиэппэрэ)

XV үйэҕэ алтын 6 московскай эбэтэр 6 новгородскай харчыга тэҥнэһэрэ. «Алтынник» диэн суруктаах бастакы алтан манньыат 1954 сыллаахха тахсыбыта, 1704 сылтан (1726 сылга дылы) — үрүҥ көмүс алтын. 1841 сылтан 1916 сылга дылы алтан уонна үрүҥ көмүс алтыннар быһыллыбыттара.

Манньыат аата, И. Г. Спасскай[1][2] уо. д. а. нуучча манньыатын эргиирин чинчийээччилэрэ суруйууларынан, түүр алты тылыттан төрүттээх. Кыһыл көмүс Орда харчытын систематыгар алтын «6 сыаналаах харчы» диэн суолталаах — татаар тылынан «алты тиен».

Алтын быһыллыытын историята уларыт

Дьиҥнээх харчы быһыытынан алтын аан бастаан 1654 сыллаахха Алексей Михайлович[3] кэмигэр алтантан быһыллыбыта.

1704 сыллаахха Пётр I кэмигэр алтынниктары үрүҥ көмүстэн быһыы саҕаламмыта, 1718 сылга дылы быһыллыбыттара.

1839 сыллаахха Николай I ыраахтааҕы кэмигэр 3 номиналлаах алтынник манньыат саҥалыы алтантан быһыллыбыта. Бу манньыат Роммия империятыгар, кэлин ССРС-ка киэҥник тарҕаммыт алтан манньыат буолбута.

1924 сыллаахха ССРС-ка алтантан бытархай харчылары (ол иһигэр 3 харчыны) быһыы саҕаламмыта. 1926 сылтан 1991 сылга дылы бу номинал кытаанах араҕас өҥнөөх алтан алюминийы кытта холбоһугуттан оҥоһуллара.

1991 сыл кэнниттэн Россияҕа 3 сыаналаах манньыаттары быспатахтара.

Галерея уларыт

Быһаарыылар уларыт

  1. Спасский, И. Г. Алтын в русской денежной системе. / В кн.: Краткие сообщения Института истории материальной культуры АН СССР, вып. 66. — 1956.
  2. Спасский, И. Г. Русская монетная система. — Л.: Аврора, 1970. — с. 105.
  3. Алексей Михайлович Тишайший (кулун тутар 19 (29), 1629 — тохсунньу 29 (олунньу 8), 1676) — Романовтар династияларыттан нуучча иккис ыраахтааҕыта (от ыйа 14, 1645 — тохсунньу 29, 1676),

Өссө маны көр уларыт

Сигэлэр уларыт