Альберт Эйнштейн
Альберт Эйнштейн (Albert Einstein) (1879–1955) диэн аатырбыт физик. Холооннооhун теориятын уонна масса-энергия сибээhин (E=mc²) айбытынан биллэр. Эйнштейн Нобель бирииhин физика салаатын 1921 с. лауреата. Бүтүннүүтэ 300 тахса наука уонна 150 тахса наукаҕа сыhыана суох үлэлэри суруйбута. Эйнштейн саамай суолталаах физиктартан биирдэстэрэ буолар. 1999 с. Time сурунаал киниэхэ "Үйэ киhитэ" диэн ааты иҥэрбитэ.
Альберт Эйнштейн 1879 сыллаахха кулун тутар 14 күнүгэр Ульм диэн ниэмэс куоратыгар Герман уонна Паулина Эйнштейн диэн дьадаҥы дьэбириэйдэр дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Былааска фашистар кэлбиттэрин кэннэ 1940 с. АХШ-гар көспүт.