Борук МэхээлэБүлүүттэн төрүттээх ырыаһыт, олоҥхоһут.

Бааска уола Борук Мэхээлэ диэнинэн сэрии иннинэ биллэрэ. I Чочуга олорбут, II Чочуттан төрүттээх. «Үрдүк уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ, кэлбит-барбыт киһи кыһыл саһыл тыһа бэргэһэлээх, таба курумулаах буолара», — диэн ахтар бэйэтин кинигэтигэр[1] кырдьаҕас суруналыыс Нина Протопопова. Кэлин суруналыыс буолуохтаах Бүлүү куоракка Нина Иннокентьевна эдьиийигэр олордоҕуна онно кэлэн түһэр идэлээх эбит. Кэллэҕинэ киэһэ аайы олоҥхо буолар эбит. «Артыыс аҥаардаах ырыаһыт-олоҥхоһут киһи сэрииттэн эргиллибэтэҕэ», — диэн кини түмүктүүр.

Быһаарыылар уларыт

  1. Протопопова Н. И. Бэрт Маарыйа удьуордара. Айыы Далбар Хотуна. — Дь.: Бичик, 1999. — 224 с., 7 с.