Григорьев Дмитрий Михайлович (Мотуруос)

Григорьев Дмитрий Михайлович (Мотуруос) — гражданскай сэрии кыттыылааҕа, сэрии хонуутугар охтубут киһи.

1900 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ. Тулаайах уол борокуокка мотуруостаабыта. ЫРКС чилиэнэ. Н. И. Снитко этэрээтигэр сылдьан Хохочойго комсомолецтары кыргыбыт үрүҥнэри урусхалааһыҥҥа инники кэккэҕэ сылдьан 1922 сыл муус устар 19 күнүгэр өлбүтэ[1].

Быһаарыылар уларыт

  1. Үөһээ Бүлүү 1917-1967. Үөһээ Бүлүүтээҕи оройуон типографията, 1968