Демет Эвгар (туур. Demet Evgar; 1980 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтэ, Турция өрөспүүбүлүкэтэ) — турок норуотун биллиилээх артыыһа. Кини ордук уус уран уонна элбэх сиэрийэлээх киинэлэргэ оонньообутунан биллэр.

Демет Эвгар аан бастаан тыйаатыр артыыһын быһыытынан биллэн барбыта. Кини билигин даҕаны тыйаатырга элбэх оруолу оонньуур, биир бастыҥ артыыс буолар. Демет Эвгар «Pangar», «Hata Yapım Atölyesi» «Müşterek», «Multi Arts Production» курдук улахан уонна биллэр бырайыактарга үлэлэспитэ[1].

Эвгар 1980 сыллаахха Манис куоракка күн сирин көрбүтэ. Кини аҕатынан аймахтара Албанияттан төрүтээхтэр уустаахтар. Оттон ийэтинэн дьоно сэргэтэ Осман импиэрийэтин мусульманнарыттан тымыр сыдьаан тардаллар. Кини ийэтинэн аймахтара Греция Салоники куоратыттан төрүттээхтэр.

Демет Эвгар бииргэ төрөөбүт убайа Йигит Эвгар билигин киинэ уонна тыйаатыр режиссерунан үлэлиир, элбэх үлэлэрдээх.

Фильмографията уларыт

Эвгар Демет «1 Кадын 1 Эркек» диэн элбэх сиэрийэлээх киинэ 8 -с сезонуттан саҕалаан уһуллубун кэннэ аатыран, биллэн көстөн барыба. Ити аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт киинэ нууччалыы 2012 сыллаахха «Мужчина и Женщина» диэн аатынан тахсыбыта. Ити киинэ кэннэ Эвгар Демет ситиһиитин "Ватим сэнсин" диэн эмиэ элбэ сиэрийэлээх киинэҕэ Кара Фатма оруолун оонньоон бигэргэппитэ. Демет Эвгар бастыҥ үлэтинэн уонна оруолунан "Ты моя Родина" киинэ сэрийээлэ буолар. Киинэ тэлэбиисэр экраннарыгар 2018 сыллаахха көстүбүтэ.

Билигин артыыс дьахтар «Авлу» диэн эмиэ элбэ сиэрийэлээх киинэҕэ уһуллар.

1990 сыллаахха дьон дьүүлүгэр "Шоу Бейаза" элбэх сиэрийэлээх киинэ тахсыбыта. Онно Эвгар Демет бэйэтин бэйэтэ оонньуур[2].

Сигэлэр уларыт

https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%94%D0%B5%D0%BC%D0%B5%D1%82_%D0%AD%D0%B2%D0%B3%D0%B0%D1%80

https://www.kinomania.ru/people/1390881 Архыыптаммыт 2020, Бэс ыйын 30 күнүгэр.

Бэлиэтээһиннэр уларыт