Диплом (ол эбэтэр Дьупулуом, (франц. diplôme, был.-гириэк. δίπλωμα — икки гына бүк тутуллубут лиис эбэтэр докумуон) — Арассыыйаҕа киһи орто уонна үрдүк үөрэх кыһатын түмүктээбитин, анал идэни баһылаабытын туоһулуур докумуон; учуонай истиэпэни эбэтэр бириэмийэни ылыы туһунан докумуон.

Устудьуон эбэтэр үөрэнээччи үөрэҕин бүтэрдэҕинэ ылар. Диплом французскай үгэс быhыытынан 2 халыҥ хахтаах буолар.

  • Өҥө арахсар: Халлаан күөх буоллаҕына студент дипломнай үлэ түмүгүнэн 3 эбэтэр 4 сыананан туттарбыт буолла5ына, кыhыл өҥ диэн саамай үрдүгү хаачыстыба буолла5ына, ол эбэтэр студент 5 сыаната эбэтэр 96-100 балл ылбыт буолла5ына.