Дьахтар күөлэ — Горнай улууһугар Атамай нэһилиэгэр баар күөл.

Аатын устуоруйата уларыт

Горнай улууһун Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр маннык номох баар. Былыр Атамай нэһилиэгэр олус хоргутуулаах суол тахса сылдьыбыт диэн Николай Гаврильевич Александров тугу истибитин уонна хаарыан уол оҕо барахсан төрүттэрин туһунан сырдатыы суоҕуттан, суорума суолламмытын туһунан кэпсээн турар. Биир сэнэх ыал кыыһа, кэргэн тахсыбакка эрэ, уол оҕону төрөппүт. Дьоно сааттан-сууттан куоттаран, бу оҕону Уус Алдан улууһун дьонугар ииттэрэ биэрбиттэр. Сыллар — хонуктар ааһан бу уол оҕо уһун, дараҕар уҥуохтаах, кыраһыабай дьүһүннээх, уол оҕо чулуута, бухатыыр бэрдэ, ыччат бастыҥа буола улааппыт. Кэлин ииппит дьоно көннөрү Атамайтан төрүттээххин, хаан-уруу дьонун маннык араспаанньалаахтар эрэ диэн эппиттэр. Дьиҥнээх ийэтин аатын-суолун туһунан бу оҕо барахсан тугу да билбэтэх. Биир дьыл уол оҥостон, төрөөбүт дойдутун көрө-истэ диэн, бу диэкки аттаннан-суолланан кэлэр. Дойдутугар үктэнээт, бастакы түбэспит сайылыкка турар балаҕан дьиэҕэ киирэн кэлэр. Балаҕаҥҥа бастаан ким да суох курдук, онтон улаханнык саҥа таһааран дорооболоспутугар, хаппахчыттан биир эдэр көрүҥнээх, быһыылыын-таһаалыын тупсаҕай, ис киирбэх дьүһүннээх дьахтар тахсан кэлэр. Дьиэлээх дьахтар чэй кутан, остуолга ас тардан аһатар уонна дьэ ирэ-хоро кэпсэтэн-сэһэргэһэн бараллар. Дьахтар кэргэнэ, оҕото суох буолан биэрэр. Уолтан аҕа саастаах гынан баран, уол онтон иҥнибэтэх, бу дьахтары сөбүлээн, курдаттыы кута-сүрэ, санаата-оноото киниэхэ ылларан барар. Уол балайда бу дьахтарга олорор, киниэхэ дьукаах курдук олохсуйар. Атын чугас эргин дьонун-сэргэтин кытта билсэн барар. Кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын ыйыталаһыы-токкоолоһуу буолар. Уол бу эргин төрөөбүт дойдута буоларын, Уус Алдан улууһугар иитиллэр барбытын, ииппит дьоно сааһыран, кырдьан өлбүттэрин, билигин бу дойдутугар анаан-минээн олохсуйаары сыдьарын, биир соҕотох олорор дьахтары сөбүлээбитин туһунан сэһэргиир. Кэлин маннааҕы дойдулаах дьоннор, уолтан дьиҥнээх төрөппүт дьонун туоһулаһаллар. Уол өйдүү түһэн баран, араспаанньаларын этэн биэрбит. Дьэ, ол онно билбиттэрэ уол эрэйдээх бэйэлээх бэйэтин төрөппүт ийэтин кытта бииргэ буолбуттарын эппиттэр. Урут хаһан эрэ ол дьахтар уол оҕону төрөппүтүн куоттаран, дьоно Уус Алдан улууһугар иитиэххэ биэрбиттэрин кэпсээбиттэр. Уол ону билэн баран хараҕа хараҥарбыт, сүрэҕэ ыаллдьарга дылы гыммыт, түлэй-балай барбыт. Саҥата-иҥэтэ суох Ытык Эбэ диэки умса туттан баран хааман бара тураахтаабыт. Үрдүк томтор баарыгар тохтуу биэрбит, ытаан-соҥоон, хомойон-хоргутан баран, уол эрэйдээх бэйэтин олоҕун быһыммыт. Уолу ол томторго харайбыттар. Дьахтар эрэйдээх оннук киһи өйүгэр баппат иэдээн буолбутун кэннэ ханнааҕы дьоллоох олоҕо тосхойуой? Күөлгэ киирэн ууга түһэн өлөн хаалбыт. Онтон ыла ол күөл «Дьахтар күөлэ» диэн ааттаммыта.