Евсеев Василий Евсеевич

Евсеев Василий Евсеевич (1901-1978) - Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин олохтооҕо.

Төрөөбүт сирэ уларыт

1901 с. - Сунтаар улууһун Күндээдэтигэр төрүүр. Эрдэ тулаайах хаалан Уөһээ Бүлүү Мэйигэр иитийэххэ кэлэр.

Дьиэ кэргэнэ уларыт

Үстэ кэргэннэммит. Бастакы икки кэргэнигэр оҕото суох. Үһүс кэргэнэ Кутанова Пелагея Семеновна, киниттэн сэттэ оҕолоох: Бастакы оҕо - Кэриэй. Иккис оҕо - Илья. Үһүс оҕо - Захар. Төрдүс оҕо - Розалия. Бэһис оҕо - Өрүүнэ. Алтыс оҕо - Мария. Сэттис оҕо - Юрий.

Сэрии саҕанааҕы уонна сэрии кэннинээҕи олоҕо уларыт

1943 с. - Сэриигэ 42 саастааҕар ыҥырыллар. Латвияҕа тиийэ сэриилэһэр. Строительной ботальиоҥҥа сылдьар.

1946 с. - Сэрииттэн эргиллэн кэлэр. Кыайыы кэнниттэн аҕыс ый урусхалламмыт куораттары чөлүгэр түһэриигэ тутуу этэрээтигэр үлэлиир.

Сэрииттэн кэлэн баран бастаан колхоз, кэлин совхоз тутаах улэһитинэн, мастерскойга столярынан, ыалга уонна тэрилтэлэргэ ыҥырыкка сылдьан оһох, араама, аан оҥорон үлэлиир.

Хоро нэһилиэгэр улахан оскуола тутуутугар биригэдьиир буолар.

1978 сыллаахха ыалдьан өлөр.