Карахан мавзолейа (Аулие-ата мавзолейа) (каз. Қарахан кесенесі) — Казахстан Тараз куоратыгар Толе би уонна Байзак батыр уулуссаларын быһа охсуһуутугар баар XI үйэ архитектуратын пааматынньыга. Караханидтар династияларын бэрэстэбиитэлин уҥуоҕун үрдүгэр оҥоһуллубут тутуу.

Устуоруйат уларыт

 
Карахан мавзолейыгар киһи уҥуоҕа

Олохтоох дьон номох быһыытынан кэпсииллэринэн, мавзолей түүрдэртэн аан бастакынан ислам итэҕэлин ылыммыт, Караханидтар династияларын төрүттээбит Карахан уҥуоҕун үрдүгэр тутуллубут[1].

Чинчийээччилэр этэллэринэн, мавзолей Караханидтар династияларын бэрэстэбиитэлэ Шах-Махмуд Бугра Карахан уҥуоҕун үрдүгэр тутуллубут[2]. Кини туһунан чинчийээччи Василий Каллаур биллэр кэпсээннэрэ, суруктара бааллар. Олорго маннык этиллэр: «Абду-р-Рахим-Баб. Кини уола Ша-Хасан, иҥэриллибитинэн Кылыдж-Карахан… Кини уола Абдул-Халык-хан. Уҥуоҕа -- Отрарга (Туркестан куорат соҕуруу өттүгэр, оттон Аулие-ата уҥуоҕа — Талас үрэххэ. Аулие-ата иккис уола Касым-хан-Баба диэн ааттааҕа, кини эһэтэ — Кыран-шейх, күтүөтэ Махмуд-хан-шейх, кыыһа Биби-айша, кини уҥуоҕа Аулие-Ата куораттан икки хардыылаах сиргэ баар»[3].

Мавзолей биһиги күммүтүгэр диэри урукку көстүүтүнэн ордон хаалбатах. 1905 сыллаахха (сорохтор этэлэринэн, 1920 сыллаахха) бүтүннүү диэри көтүрбүттэрэ. Кэлин биирдэ уруккутун курдук үтүгүннэрэн, саҥаттан туппуттара. Мавзолей иһигэр чардаат ордон хаалбыт. Тутууну ташкент ишаһа Саид Бакханов үбүлээбит [4][1].[2].

2002 сыллаахха Тараз куорат 2000 сааһын көрсө, рестоврациялаабыттара[2].

Бэлиэтээһиннэр уларыт

  1. 1,0 1,1 Денике Б. П. Архитектурный орнамент Средней Азии. — М.-Халыып:Л.: Изд-во Всесоюзной Академии архитектуры, 1939. — С. 14. — 228 с. — 2 500 экз.
  2. 2,0 2,1 2,2 Ошанов О. Ж. Тараз — Жемчужина Шёлкового пути (Краткая история города Тараз: от Гуннской Орды до Республики Казахстан). — Алматы: Таймас, 2014. — С. 178—179. — 296 с. — 2000 экз. — ISBN 978-601-264-131-8
  3. Карахан, мавзолей // Сакральная география Казахстана: Реестр объектов природы, археологии, этнографии и культовой архитектуры / Под общ. ред. Б. А. Байтанаева. — Алматы: Институт археологии им. А. Х. Маргулана, 2017. — С. 302—303. — 904 с. — ISBN 978-601-7312-78-7
  4. Хмельницкий С. Г. Между Саманидами и Монголами: Архитектура Средней Азии XI — начала XIII вв. — Берлин—Рига: Gamajun, 1996. — С. 184—185. — 904 с.

Литэрэтиирэ уларыт

  • Карахана кумбез // Казахская ССР: краткая энциклопедия / Гл. ред. Р. Н. Нургалиев. — Алма-Ата: Гл. ред. Казахской советской энциклопедии, 1991. — Т. 4: Язык. Литература. Фольклор. Искусство. Архитектура. — С. 305. — 31 300 экз. — ISBN 5-89800-023-2.
  • Карахан, мавзолей // Сакральная география Казахстана: Реестр объектов природы, археологии, этнографии и культовой архитектуры / Под общ. ред. Б. А. Байтанаева. — Алматы: Институт археологии им. А. Х. Маргулана, 2017. — С. 302—303. — 904 с. — ISBN 978-601-7312-78-7
  • Ошанов О. Ж. Тараз — Жемчужина Шёлкового пути (Краткая история города Тараз: от Гуннской Орды до Республики Казахстан). — Алматы: Таймас, 2014. — 296 с. — 2000 экз. — ISBN 978-601-264-131-8