Кулаковскай Реас Алексеевич

Кулаковскай Реас Алексеевич (08.04.1914—31.05.1993) — кэпсээнньит суруйааччы, бэйиэт.

Кулаковскай Реас Алексеевич

Олоҕун олуктара уларыт

1914 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр Бүлүү куоратыгар төрөөбүт. Ол кэмнэргэ аҕата, А. Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй, Бүлүүгэ олороро, учууталлыыра.

1934 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму, кэлин пединститут үс курсун бүтэрбитэ уонна 30 сыл устатыгар Таатта улууһун орто оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ.

1978 с. — ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Дьиэ кэргэнэ, аймахтара уларыт

  • Аҕата — Өксөкүлээх Өлөксөй (04.03.1877—06.06.1926), саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
  • Ийэтэ — Лыскова Евдокия[1].
  • Кэргэнэ — Кулаковская (Заболоцкая) Татьяна Павловна.
Оҕолоро уларыт

8 оҕолоох:

  • Кулаковскай Атос Реасович[1] — төрөппүт уола, Өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэнээччилэр айымньыларын Түмэлин директора.

Айар үлэтэ уларыт

Кэпсээннэрэ 1962 сылтан бэчээттэммиттэрэ.
Биир бастыҥ үлэтинэн «Аҕам олоҕо» диэн, аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан ахтыыларга уонна чахчыларга олоҕурбут, айымньыта буолар.

Библиография уларыт

  • Сыккыс: Кэпсээннэр. — Дь.:Кинигэ кыһата, 1965. — 116 с.
  • Сэһэннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1971. — 144с.
  • Сиккиэр: Сэһэн, кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1976. — 136 с.
  • Олоҕу таптаа: Кэпсээннэр. Улахан саастаах оҕолорго. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1980. — 112 с.
  • Сэһэннэр, кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1984. — 280 с.
  • Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1988. — 152 с.
  • Аҕам олоҕо: ахтыы сэґэн. — Дь.: Кинигэ кыһата,1990. — 288 с.
  • Луҥку киэһэ: Хоһооннор, үгэлэр. — Дь.: Бичик, 1993. — 78 с.
  • Орто дойду олохтооҕо Ордьоот Оҕонньор: Оҕолорго аналлаах олоҥхо. — Намыын киэһээ: Хоһооннор. — Дь.: «Ситим», 1993. — 31 с.
  • Олох лабаалара: Сэһэннэр, кэпсээннэр. — Дь.: Бичик, 1996. — 542 с.
  • Кистэлэҥ кэпсээним. — Дь.: Бичик, 2003. — 320 с.

Кини туһунан уларыт

  • Бурцев Н. Өксөкүлээх уола: Төрөөбүтэ 85 сылыгар// Чолбон. — 1999. — № 4. — С.87—92.
  • Копырин Н. Аҕа олоҕун сэһэнэ//Чолбон. — 1998. — № 2. — С.92—94.
  • Пестряков Н. — Дьүкээбил. Өксөкүлээх уола Реас Алексеевич Бороҕоҥҥо//Чолбон. — 1994. — № 4. — С.196—201.
  • Реас Кулаковскай «Аҕам олоҕо» диэн ахтыы сэһэнигэр буолбут ааҕааччылар конференцияларын матырыйааллара// Чолбон. — 1991. — № 8. — С.122—141.

Өссө маны көр уларыт

Быһаарыылар уларыт

Сигэлэр уларыт