Саас кэлэр, хаар ууллар,

Сылаас күн сыдьаайар,

Күөх солконнон сууланар,

Кэрэ хатыҥ симэнэр.

Кырдал аайы симэнэҕит,

Куппун сурбун тутаҕыт,

Кэрэ бэлэх буолаҥҥыт

Күн сырдыгар талаһаҕыт.

Тунал ньуурдаах ньургуһунум

Тоҥ буору тобулаҕын,

Тыайам дьонун сургэтин,

Сылааларын аһардаҕын.

Эн барыма, эн сүтүмэ,

Сааһым нарыҥ бэлэҕэ,

Санаам кэрэ ахтылҕана,

Сурэх суохтуур сибэккитэ.