Кытыан
Кытыан (лат. Juniperus) (нууч. Можжевельник) — куруутун күөх, сытыы инньэлээх, отоно көҕөрүмтүйэн көстөр сэппэрээк үүнээйи.

Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэр сүнньүлэригэр үксүн үрдүк сирдэргэ үүнэр.
Эмкэ туттуллуута
уларытКытыан ииктэтэр дьайыылааҕынан биллэр. Онон хатыҥ сэбирдэҕин кытта холбоммут көөнньөһүгүн бүөр, хабах ыарыыларыгар, дыгдайыыга туттуллар. Итиэннэ сөтөл силин үчүгэйдик хоҥуннарар. Сүһүөх дьарҕа ыарыытыгар ванна оҥостон эбэтэр көөнньөһүгүнэн сэрэнэн ыалдьар сири н сотон, илбийиллэр (массаж)[1].
Быһаарыылар
уларыт- ↑ К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. — Дь.: Бичик, 2008. — ISBN 978-5-7696-2947-1
Бу эмтээх үүнээйилэргэ сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |