Кэпсэтии истиилэ Бэйэ-бэйэтин чугастык билсэр дьон күннээҕи олоххо кэпсэтэр тыла-өһө кэпсэтии истиилэ диэн ааттанар. Кэпсэтии куолутунан эрдэттэн бэлэмэ, былаана суох, хайдах тахсарынан барар. Онон кэпсэтии стилэ маннык ураты бэлиэлээх:

  1. кылгас этиилээх, үгүс тыл, онто да суох өйдөнөр буолан, көтөр;
  2. ыйытыы, күүһүрдүү этии хойуутук туттуллар. Сомоҕо домох, ох тыл, өс хоһооно кэпсэтии тылын олус байытар. Араас эбиискэ, саҥа аллайыы элбэх;
  3. киһи куолаһа, туттан турара, сирэйэ-хараҕа улахан суолтаны ылар, араас тылы солбуйар.

Туһаныллыбыт сир уларыт

  • Саха тыла. Морфология: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. / Неустроев Н. Н. уонна соавт. Бичик. 2006. - 112 с. ISBN 5-7696-2400-0