Күн Кураан хаан (каз. Күнқыран хан) Кунг-Киран, Кункиран, Хункиран, Куйкуран (1251—1280) — монгуол сэрииһитэ уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.

Олоҕун олуктара уларыт

1251 сыллаахха төрөөбүт (сорох источниктарга этиллэринэн хаан буолбут кэмэ), Монгуол сэрииһитэ уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Орда-Эджен төрдүс уола, Джучи сиэнэ.

Салалтаҕа аҕата анаабыт. Күн Кураан хаан саҕана (1253—1280) улахан суолталаах туох да буолбатаҕа, «чуумпу» кэм этэ. Уола суох буолан, кини өлбүтүн кэнниттэн бөрөстүөлгэ инитэ Сартактаай уола Коничи олорбута. Күн Кураан ийэтэ Худжийаан хотун Кунгират аҕа ууһуттан төрүттээх[1].

Күн Кураан хаан кэмигэр Монгуол империята мөлтөөн барыытын кытта сөп түбэһэр; бу киирсии 1260-с сылларга диэри барбыта.

Күн Кураан хаан 1280 сыллаахха өлбүтэ. Устуоруктар кини ойохторун уонна оҕолорун туһунан тугу да билбэттэр.

Быһаарыылар уларыт

  1. Восточный Дашт-и Кыпчак в XIII — начале XV века. Проблемы этнополитической истории Улуса Джучи / Ред. И. М. Миргалеев. — Казань: Изд-во «Фэн» АН РТ, 2013. — 288 с.