Көҥүл тыл (ааҥл. freedom of speech) — киһиэхэ, дьоҥҥо барыларыгар айылҕаттан бэриллибит, мораль уонна һокуон өттүнэн көмүскэллэнэр быраап буолар.

Өйдөбүл быһыытынан, киһи киһини сыыһатын иһин кириитикэлиэхтээх — ол кириитикэтин иһин кинини бобуо суохтаах. Тойоттор харчы уоралларын норуот билиэхтээх, армияҕа дедовщина буоларын норуот билиэхтээх, полициялар дьону атаҕастыылларын норуот билиэхтээх. Көҥүл тыл хас биирдии киһи сүрүн бырааба, көҥүлэ буолар. Көҥүл тылы бобуу — политическай репрессия биир көрүҥэ буолар.

Өссө маны көр уларыт