Карамзин Михаил Семенович — Мас Мэхээлэ саха норуотугар киэҥник биллибит аар-саарга аатырбыт, номох буолбут тустуук.

Кини XIX үйэ маҥнайгы аҥарын диэки Бороҕон улууһугар I Лөгөй нэһилиэгэр Илин Сылаас ууһугар төрөөн ааспыта. Уҥуоҕунан саһаан буолуо биир мөрсүөк тиийбэтэ үһү. Бэйэтэ сулардыы бытыктаах, уһун ньолбоҕор төбөлөөх, иҥиирдэрэ кууран көстө сылдьар сүүстэн тахса киилэ ыйааһыннаах, ол гынан баран ханан да сыа сыстыбатах атыыр оҕуһу өрө тутан кэбиспит курдук киһи эбитэ үһү.

Аҕата Сэмэн 1840 сыллаахха кинээс буола сылдьыбыт. Кини сэттэ уолланан ситэн-хотон олорон ааспыт. Михаил 18-20 саастарыгар, эһэтэ, сүүһүгэр чугаһаабыт оҕонньор сиэнин боруобалаан көрөн баран, ханнык баҕарар түһүлгэҕэ оонньуоххун сөп буолбуккун онон кытаат диэн алҕаабыт. Уол онтон ыла тустуунан дьарыктаммыт. Мас Мэхээлэ курдаһан да, хапсаҕайдаһан да чугас эргиннээҕи бөҕөстөрү тулуппатах, атаҕынан эмиэ кыанар мас бөҕө, кус быһый эбит.

Кини баара суоҕа 43 саастааҕар, 1871 сыллаахха орто дойдуттан арахпыт.

Халыып:Лөгөй нэһилиэгин биллиилээх дьоно

Туһаныллыбыт сирдэр уларыт

  • Лөгөй нэһилиэгин былыргыта / Бурнашев П. П., Попов Р. П., Гоголев И. В./, «Бичик» — 2002 с.