Маҥаас — бэйэтин дьүһүнүттэн тутулуга суох сирэйэ олоччу эбэтэр муннуттан сүүһүгэр диэри маҥаннаах (ынах сүөһү, сылгы туһунан)[1].

Дьүһүн атын көрүҥнэрэ уларыт

  • Аалай маҥаас — бэйэтэ кытархай дьүһүннээх, сирэйэ олоччу эбэтэр муннуттан сүүһүгэр диэри маҥаннаах.
  • Араҕас маҥаас — бэйэтэ кыһыллыҥы саһархай дьүһүннээх маҥаас.
  • Кугас маҥаас — бэйэтэ кугас дьүһүннээх.
  • Күрэҥ маҥаас — бэйэтэ кутуйах курдук күрэҥ дьүһүннээх.
  • Кэлтэгэй маҥаас — сирэйин аҥаара кэлтэччи маҥаннаах.
  • Маҥаас чуоҕур — чуоҕур дьүһүннээх.
  • Хара маҥаас — бэйэтэ хара дьүһүннээх.
  • Хаччаҕай маҥаас — сирэйин аҥаара сүүһүттэн муннугар дылы бэйэтин дьүһүнүттэн адьас атын дьүһүннээх (маннык сүөһүнү үөһэттэн айдарыылаах диэн этэллэрэ).

Быһаарыылар уларыт

  1. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. — VI том. — Новосибирскай: «Наука», 2009