Ма Цзюнь (кит. суд. 马军, пиньинь: Mǎ Jūn, төр. 1968 сыл) — Кытай суруналыыһа, суруйааччы, түмэт үлэһитэ, айылҕаны көмүскээччи, түмэт урбаанньыта, Бээдьин айылҕа уонна түмэт дьыалаларын Институтун тэрийээччитэ уонна салайааччыта.

Ма Цзюнь
Төрөөбүт сыла:

1968

Ма Цзюнь 1968 сыллаахха Циндао куоракка төрүүр, сотору буолан баран ийэтин дойдутугар Бээдьиҥҥэ көһөллөр. Ма 1993 сыллаахха South China Morning Post  диэн Хоҥ Коҥ хаһыатыгар үлэҕэ киирэр уонна Кытай үрдүнэн айылҕа туһунан суруйар бастакы суруналыыс быһыытынан түргэнник биллэр. Ма, төрөөбүт дойдутун араас сирдэринэн айаннаан, 1999 сыллаахха «Кытай уунан быстарыыта» (China's Water Crisis, Zhongguo shui weiji) диэн Кытай айылҕатын туругун туһунан бастакы улахан суолталаах кинигэтин таһааттарар (Рэйчел Карсон «Саҥата суох саас» диэн кинигэтин кытта элбэхтэ тэҥнээбиттэрэ)[1][2].

Ма 2004 с. Yale World Fellow быһыытынан АХШга айылҕаҕа сыһыаннаах сокуоннары уонна чугас дьиссипилиинэлэри үөрэтэр. 2006 сыллаахха Бээдьиҥҥэ эргиэнэ суох Айылҕа уонна түмэт дьыалаларын Институтун тэрийэр. Ол сыл Time Маны Аан Дойду сүүс саамай кыахтаах дьон ахсааныгар кииллэрэр (кини туһунан ыстатыйаны Эдвард Нортон суруйар). Ма Цзюнь 2007 сыллаахха уу киртийиитин хаартатын үлэҕэ кииллэрэр (кэлин кини института сир уонна салгын киртийиитин хаартыларын кииллэрэр). 2008 сыллаахха Эмиэрикэ Wal-Mart Stores диэн улахан хампаанньа маҕаһыыннара Институт дааннайдарыгар киирэллэр[1][3][4].

Ма 2009 саллаахха улахан ааттаах Ramon Magsaysay Award диэн премияны ылар (Нобель премиятын кытта тэҥниэххэ сөп). 2010 сыллаахха Ма көҕүлээһининэн Кытайга айылҕаны киртитэр улахан технологическай хампаанньалары тутууну утары хамсааһын саҕаланар. 2011 сыллаахха Институт бэйэтин отчетугар Apple Кытайга үлэтин туһунан сырдатар. 2012 сыллаахха Ма Goldman Environmental Prize кыайыылааҕа буолар[1][5][6][7][8].

2015 сыллаахха түмэт урбааныгар Сколл Пуондатын премиятын ылар[9].

Быһаарыылар уларыт

  1. 1,0 1,1 1,2 Ma Jun(ааҥл.). Fast Company & Inc. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  2. Ma Jun(ааҥл.). National Geographic. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  3. Ma Jun(ааҥл.). Yale World Fellows. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  4. Ed Norton. The 2006 TIME 100. Ma Jun(ааҥл.). Time Inc.. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  5. Institute of Public and Environmental Affairs(ааҥл.). Rockefeller Brothers Fund. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  6. Ma Jun(ааҥл.). Woodrow Wilson International Center for Scholars. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  7. In China, Pollution Worsens Despite New Efforts(ааҥл.). The New York Times. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  8. Ma Jun(ааҥл.). Goldman Environmental Foundation. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.
  9. Ma Jun(ааҥл.). Skoll Foundation. Тургутулунна 14 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр уларыт