Мияза́ки (дьоп. 宮崎県?)Кюсю регионугар Кюсю арыыга баар префектура. Префектура болуоссата 7735,99 км², олохтоохторун ахсаана — 1 115 148 киһи. Административнай центра — Миязаки куорат.

Каартата

Устуоруйата уларыт

Этимология уларыт

Миязаки диэн тыл 10 үйэҕэ тахсыбыт Вамё Руйдзюсё (Wamyo Ruijusho) дьоппуон тылдьытыгар ахтыллар. Онно 5 туттар тэрилтэн биирдэстэрэ. Үһүйээн этэринэн Миязакигэ бастакы импэрээтэр Цзиньму олорбут.

Түҥ былыргы уларыт

Сэлии тииһэ (Elephas naumanni) Тонокури диэн сиргэ, Сайто куоракка көстүбүтэ (300 000 сылтан 20 000 сыллаахха диэри олоро сылдьыбыт кыыл).

Саитобару кургааннара уларыт

Саитобару кургааннара (Saitobaru kofungun) - 333 кофун эбэтэр кургаан бөлөҕө. Миядзаки префектуратыгар Сайто куоракка баар. Японияҕа саамай элбэх кофун бөлөҕө. 70 миэтэрэ үрдүктээх хайаҕа баар.

Ямато Оукен уонна Миязаки уларыт

Кофун кэмин үһүс үйэтиттэн Япония Кинки диэн ааттанар сорҕотугар баар буола сылдьыбыт Ох (ыраахтааҕы) эбэтэр Окими (улуу хоруол) баһылыктаах салалта Японияҕа хас да аатынан биллэр. Ол ааттара манныктар: Ямато Чутэй (Суд), Ямато Оукен, Ва Оукен уонна Ямато Сейкен. Ону таһыынан кыра судаарыстыбалар баар буола сылдьыбыттарын ытыктаар куолу диэн этиилэр бааллар. Аны Choutei (суд) диэн аат 4-с эбэтэр 5-с үйэлэртэн эрэ баар буолбута диир дьон бааллар. Билиҥҥи кэмҥэ Ямато Оукен диэн аат элбэхтэ туттуллар. Үһүйээннэр кэпсииллэринэн Миязаки аан бастаан Кюсюгэ Кумасо сорҕотун курдук ахтыллар, ол эрээри биир күдьүс буолбакка, Кумасо бас билэр сирдэрин сорҕотун эрэ быһыытынан. Сыыйа Ямато Оукен күүһүрэн Оита оройуонуттан соҕуруу тарҕаммыта.

Хьюга уларыт

Рицурью тиһигэ баар буолбутун кэнниттэн Хьюга диэн дойдуну Химука диэн ааттыыллар этэ. Ямато-Оукен хонтуруола күүстээх буолбатах этэ, онон 702 сыллаахха Сацума, оттон 713 сыллаахха Осюми баар буолбуттара, балар Хюга диэн аатырбыттара. Бу дойдулар Ямато Оукен эбэтэр Дадаифу анныгар олороллоро. 815 сыллаахха Ямато Оукен 500 саллааттааҕа ахтыллар, бу атын дойдулартан саамай аҕыйах.

Камакура кэмэ уларыт

Шимазу Тадаһиса, Шимазу самураай клаанын олохтооччу уларыт

1185 сыллаахха Шимазу Тадаһиса (1227 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр өлбүт) диэн киһи Шимазу самураай клааныын олохтообута. Шимазу клаана Сатсума (Satsuma) уонна Осуми (Osumi) диэн Кагошима уонна Хьюга дойдулар сирдэрин баһылыыр этэ. Кини 1196 сыллаахха Сацумаҕа сэрииннэн барбыт, Хюга уонна Осюми провинциялары бас бэриннэрбит, Шимазу диэн сиргэ (Хьюга) заамок туттарбы. Камакураҕа көмүллэ сытар, аҕатын уҥуоҕуттан чугас.

Муромачи уонна Наньбокучо кэмнэрэ уларыт

Хьюгаҕа күүстээх дьонунан Тсучимочи, Ито, Китахара уонна Шимазу, Һонго уонна Нийро этилэр. бу дьон бэйэ-бэйэлэррин кытта сэриилэһэллэрэ. Кэлин Шимазу барыларын кыайан, Тойотоми Һидешиши кинини 1587 сыллаахха кыайыар диэри баһылыктаан олорбут. Кэлин Хюга араас даймо (daimyo) анныгар олорбута.[1]

Административнай тыырыллыыта уларыт

Миязаки префектуратыгар 9 куорат уонна 6 уезд баар(14 бөһүөлэк уонна үс сэлиэнньэ).

Куораттар уларыт

Куораттар:

Уезстар уларыт

бөһүөлэктэр уонна сэлиэнньэлэр уезстарга:

Успуорт уларыт

Аллара Мийазаки спортивнай хамаандалара көстөллөр

Футбол (soccer) уларыт

Баскетбол (Bj League) уларыт

Көлөтө уларыт

Тимир суол уларыт

  • Күшү ДжиАр (JR Kyushu)
    • Ниппо сүрүн лииньийэтэ (Nippō Main Line), Миязаки-Куко лииньийэ (Miyazaki Kūkō Line), Ничинэн лииньийэ (Nichinan Line), Китто лииньийэтэ (Kitto Line), Хисатсу лииньийэтэ (Hisatsu Line).

Оптуобус уларыт

  • Miyazaki Kōtsu

Аэропорт уларыт

  • Мийазаки аэропорда
 
Мийазаки аэропорда

Быһаарыылар уларыт

  1. Miyazaki Encyclopedia (in Japanese) Miyazaki Nichinichi Shinbunsha 1983.