Молуку, эбэтэр Молукку (индон. Maluku) — Молуку архипелаагын соҕуруу арыыларыгар баар Индонезия провинцията.

Молуку провинция

Дьаһайар киинэ — Амбон куорат, Амбон арыыга (722 км²) турар. Олохтоохторо — 1 533 506 киһи (2010)[1].

1950 сыллаахтан 1999 сыллаахха дылы Молуку арыылара биир провинция этилэр. 1999 сыллаахха мусульмааннар олорор икки уокуруктара арахсан туспа Хотугу Молуку провинцияны олохтообуттара.

Быһаарыылар уларыт