Муҥха эбэтэр баҕадьы — элбэх буолан балыгы бултуурга аналлаах тэрил, ийэлээх, уһун, эркинэ кэтит илим. Былыр кылынан өрөн таҥаллар эбит. Былыр таастыганын ынах туйаҕыттан оҥороллор эбит, оттон хотоҕоһун бэс мас хаптаһынтан оҥороллор эбит.

Муҥха ийэлээх — ол аата кынаттарын ыккардынан балык хааланарыгар аналлаах хааһахтаах. Тыа кыната кылгас, үөс кыната уһун буолар. Кынаттарын баһыгар үтүмэх диэн 10-20 м уһуннаах ураҕас мас баайыылар, кини муҥханы муус аннынан соһорго аналлаах. Үтүмэхтэри атырдьах диэн маһынан ойбонтон ойбоҥҥо сыҕарыталлар. Көхө диэн тордуоктаах мас онно көмө буолар, үтүмэх төбөтө ойбоҥҥо быгарын көхөлөөх киһи (көхө тоһуйааччы) кэтэһэр. Көхө эрбэх - муҥха быатын элбэх буолан тардарга аналлаах тэрил. Мууһу алларарга анньыы туттуллар. Лиэкэр - туорайдаах мас, килиэс, ситим мууска иҥнибэтин диэн кыратык туорай мас балтыһаҕынан баттыалаан биэрэллэр. Чардаат мууһун ыраастыырга сүүр диэн сиидэ күрдьэҕи (сиидэлээх улахан хамыйах курдук) тутталлар. Маны таһынан хаары күрдьэргэ туора күрдьэх туттуллар.

Балыгы үүрэргэ нырыы диэн маһы тутталлар, мутуга соломмут хахыйах буолар. Нырыыны ойбоҥҥо уган, кыһарыйа анньыалаан, тыаһатан, былыыгы булкуйан балыгы үргүтүллэр. Маны таһынан нырыы ураҕастара диэн баар буолаллар, арыый бөдөҥ эдэр хатыҥынан 2,5-3,5 м уһуннаах гына оҥостоллор, маны муус аннынан тыас үөскэтэргэ тутталлар.

Балыгы баһан ыларга, үллэрэргэ кыл хамыйах туттуллар. Муҥха кыната тахсан истэҕинэ буорун-ссһһын, отун-маһын ыраастыырга кыллыыр мас диэн туттуллар (кыллааччы ыраастыыр).


Тыл туттуллуута уларыт

Тыл номохторо уларыт

Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит баҕайы (обургу