Ньара хаптал хайалара. Черскэй хайаларын соҕуруу өртүгэр Улахан Чиистай уонна Таас Кыстаабыт систэр икки ардыларынан сытар.

Ортотунан Индигир салаата Ньара өрүс устар. Иэнэ 20000 км². Чыпчааллара муора таһымыттан 2000 м. үрдүккэ тиийэллэр.

Хотугу өртө урукку каарталарга Улахан Чиистай хаптал хайалара диэн ааттаммыт.


Ылыллыбыт сирэ уларыт

Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.