Омолоон өрүс. Халыма уҥа салаата. Уһуна 1114 км., тардыытын иэнэ 113000 км². Магадан уобалаһыгар Халыма үрдэлигэр бастаах.

Дьүкээгир хаптал хайалаах сирин илин өртүнэн устар. Чукотка автономиялаах уокуругар киирэн ылар. Алын тардыыта Халыма намталынан устар.

Алтынньыттан ыам ыйыгар диэри тоҥ.

Сүрүн салаалара: уҥаттан Молоҥдаах, Олойчаан, Олой; хаҥастан Кедон.


Ылыллыбыт сирэ уларыт

Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.