Охсуһуу (ааҥл. fight(ing), өссө атыннык сахалыы тылга быһаарсыы, саайсыы, официальнай күрэххэ күөн көрсүү), икки эбэтэр онтон элбэх ахсааннаах киһи тыл тылга киирсэннэннэр, этиһиилэрин сатаан уостубакка илиинэн киириилэрэ буолар - ол аата охсуһуу дэнэр. Охсуһууга сутурук, атах уонна араас тэрил (быһах, таас уонна да атын) туттуллуон сөп.

Охсуһуу саха итэҕэлигэр уонна Аан Дойду религияларыгар, ону таһынан мораль уонна һокуон да өттүнэн бобуллар.

Охсуһуу түмүгэр эчэйии эбэтэр өлүү баар буолан хааллаҕына - буруйдаах эппиэтинэскэ тардыллар.

Сорох эр дьон (редко дьахтар эмиэ) тестостероннара элбэҕинэн сибээстээн буччалара үллэн агрессия буолаллар, наар охсуһуу көрдүүр буолаллар. Олорго анаан - охсуһуу түмэлэ диэн араас охсуһуу клубтара үөскүүллэр. Бу охсуһуу түмэлэ нелегальнай буолар, онон кистэлэҥ буолар уонна кимиэхэ да кэмсиниллибэт. Сүрүннээн дьон уоран саһан охсуһаллар, тыыннарын таһаараллар.

Охсуһуу үксүгэр арыгы утах иһиититтэн тахсар, ону таһынан тестостерону күүһүрдэр энергетиктартан.

Охсуһуу легальнай өттө күөн көрсүү дэнэллэр, олорго анаан MMA, UFC, Тустуу, Хапсаҕай уонна да атыттар бааллар.

Өссө маны көр уларыт