Семенова Марфа Ивановна

Семенова Марфа Ивановна — 1897 с. II Хаптаҕай нэһилиэгэр төрөөбүт.

Кэргэнэ Семенов Н.И. 1944 с. сэриигэ сураҕа суох сүппүт. 11 оҕолоох ийэ огдообо хаалан оҕолорун атахтарыгар туруорбут. 1965 с. диэри Социалистическай Үлэ Геройа Г.С.Самсонов салайар оҕуруот биригээдэтигэр үлэлээбит. 1946 с. оройуоҥҥа бастакынан Герой Ийэ чиэстээх аатын сүкпүтэ, сиэннэр, хос-хос сиэннэр бааллар.