Сикхтэр — (Панджаби: ਸਿੱਖ, хинди тылыгар [сикх] «үөрэнээччи») — үгүстэрэ Ииндийэҕэ олорор омук-итэҕэл бөлөҕө; сикхизмы батыһаллар. Омугунан үксэ пенджабтар — Ииндийэ Пенджаб штаатын олохтоохторо. Маны таһынан сикхтэр АХШ-ка, Канаадаҕа, Британияҕа, Италияҕа, Соҕуруулуу-Илин Азияҕа уонна Океанияҕа олороллор. Аан дойдуга ахсааннара 25 мөл. тахса (Сир олохтоохторуттан быһа холоон 0,4 %)[1]. Тыллара индоарий бөлөххө киирэрэ панджаби тыла. Сикхтэр итэҕэллэрэ — сикхизм — туһунан итэҕэл, индуизм уонна ислам баар сирдэригэр үөскээбитэ эрээри, олору кытта ситимнээҕин билиммэт.

Сикхтэр Хармандир Сахиб (Көмүс храм) аттыгар, Амритсар

Быһаарыылар уларыт

  1. Сикхи — статья из Большой советской энциклопедии (3-е издание)