Томская Дария Андреевна

Томская Дария Андреевна, олоҥхоһут.

Томская Дария Андреевна

1913 сыллаахха Үөһээ Дьааҥы улууһун Эҥэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Эһэлээх эбэтигэр иитиллибит кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэһит буола улаатар.

Оҕо эрдэҕиттэн олоҥхолуур идэҕэ уһуллубут, бэйэтин түөлбэтин талааннаах олоҥхоһуттарын толорууларын улаханнык умсугуйа истибит.

Төрөөбүт таайа Мартыын Бурцев олоҥхолорун истэн, олоҥхо кэрэ эйгэтигэр биһиктэнэн кэриэтэ улааппыта.

Онон өссө оҕо сылдьан, олоҥхо хомуһуннаах тылын күүһүгэр ылларбыт суурбэлээҕиттэн олонхо дьоро киэһэлэрин төрүттүүр биллэр-көстөр олоҥхоһуттар репертуардарыттан сөбүлээбитин үтүктэн олоҥхолуур идэлэммит.

Ол курдук Е.Горохов Ньургун Боотур, Кулун Куллустуур, А.Н.Горохов Саһыл улаан аттаах Сандалы Бэргэн, И.Н.Потапов Эрбэҕэр Эрчимнээх Элитэр Бэргэн, А.И.Томская Көмүс Мөкүлүкээн оҕонньор, Элгээн Иэйэхсит эмээхсин, таайа М.А.Бурцев Хаан илбистээн бухатыыр, ийэтэ Е.А.Бурцева Омуннаайы бухатыыр уонна Эллэй Боотур диэн олоҥхолорун сөбүлээн, бэйэтин репертуарыгар ылынан, дьон-сэргэ ортотугар олоҥхолуур буолбут.

Д.А.Томская толорууларын ТЛИ институтугар, норуот айымньытын Дьиэтигэр, радио уонна телевидение компаниятыгар хас да төгүллээн кэрэхсээн истибиттэрэ.

Кини толоруутун сиэрэ-туома, матыыбын арааһа, олоҥхотун эгэлгэтэ дьиҥ олоҥхоһуттар үгэстэригэр чугас турар.

Өссө маны көр уларыт

  • Заветные сокровища предков, составитель Н.К.Окоемов. Якутск, 1993.

Ылыллыбыт сирэ уларыт