Тулалыыр эйгэ күнэ (ХНТ тылларынан: ааҥл. World Environment Day, араб. اليوم العالمي للبيئة, исп. Día mundial del medio ambiente, нууч. Всемирный день окружающей среды, фр. Journée mondiale de l'environnement).

Сыл аайы бэс ыйын 5 күнүгэр бэлиэтэнэр.

Устуоруйата уларыт

ХНТ Генеральнай ассамблеятын 27-с сиэссийэтигэр 1972 сыл ахсынньы 15 күнүгэр быһаарыы (№ A/RES/2994 (XXVII) резолюцията) ылыллыбыта.

Бэс ыйын 5 күнэ — 1972 сыллаахха бу күн Стокгольмҥа буолбут тулалыыр эйгэ кыһалҕаларын кэмпириэнсийэтэ аһыллыбыта.

Генеральнай Ассамблея резолюциятыгар дойдулары уонна ХНТ тэрилтэлэрин бу күн тулалыыр эйгэни харыстыырга уонна тупсарарга тэрээһиннэри ыытарга ыҥырар.

Бу 27-с сиэссийэҕэ ХНТ саҥа тэрилтэтэ — Тулалыыр эйгэҕэ ХНТ Программата (ЮНЕП) олохтоммута. Бу ЮНЕП эгиидэтынан Тулалыыр эйгэ күнэ бэлиэтэнэр.