Тутаах үтүөлэр диэн антик философията уонна христиан теологията билинэр түөрт үтүөтэ. Кинилэр этика үтүө теориятын быһыылыыллар.

Бу үтүөлэри аан бастаан Платон Ил диэн үлэтигэр суруйбута. Аристотель кинилэр ис тутулларын Никомах этиката диэн үлэтигэр сиһилии быһаарбыта. Стоиктар уонна Цицерон бу үтүөлэри эмиэ билинэллэрэ. Христиан таҥара үөрэхтээхтэрэ Аврелий Августин уонна Томас Аквинас бу үтүөлэргэ үс христиан үтүөтүн эппиттэрэ.

Түөрт тутаах үтүө:

  1. Өтөмтө
  2. Намылык
  3. Хорсун
  4. Кырдьыктабыл