Тыаһы үтүктэр туохтуурдар

Тыаһы үтүктэр туохтуур диэн тыаһы-ууһу, харамай саҥарарын үтүктэр туохтуурдар. Икки араастаах: тыаһы-ууһу бэлиэтиир (лиһигирээ, лис гын, таһыгыраа, күс гын); саҥаны-иҥэни үтүктэр (дааҕырҕаа, даах диэ, бабыгыраа, ньаах диэ).