Уруулар ааттара

Улахан дьиэ кэргэн — элбэх оҕолоох, элбэх киһилээх (член семьи) ыал.
Кыра дьиэ кэргэн — аҕыйах оҕолоох, киһилээх ыал.
Аҥаардас дьиэ кэргэн — ийэлээх эбэтэр аҕалаах эрэ хаалбыт дьиэ кэргэн, нууччалыыта «неполная семья».
Эһэнэн уруу — эһэ өттүнэн уруулар.
Эбэнэн уруу — эбэ өттүнэн уруулар.
Абаҕа эһэ, убай эһэ — эһэни кытта бииргэ төрөөбүт кырдьаҕас оҕонньор.
Эһэнэн эдьиий — эһэттэн даҕаны аҕа саастаах дьахтар.
Эбэнэн эдьиий — эбэтээҕэр аҕа саастаах дьахтар.
Эдьиий эбэ — эбэҕэ аҕаһа эбэтэр балта.
Хос эһэ — иккис үйэ эһэтэ, эһэ эһэтэ (прадедушка).
Хос эбэ — иккис үйэ эбэтэ, эбэ эбэтэ (прабабушка).
Хос хос эһэ — үһүс үйэ эһэтэ, эһэ эһэтин эһэтэ (прапрадедушка).
Хос хос эбэ — үһүс үйэ эбэтэ, эбэ эбэтин эбэтэ (прапрабабушка).
Үһүс үйэ, үһүс сүһүөх дьон — хос эһэ, хос эбэ дьоно.
Төрдүс үйэ, төрдүс сүһүөх дьон — хос-хос эһэ, хос-хос эбэ дьоно.
Убай, убайдар — аҕа эбэтэр ийэ өттүнэн саастарынан аҕа, кырдьаҕас, кинилэрдиин инилии эр дьон.
Сороҕор манна таайдары эмиэ киллэрэллэр. Сороҕор көннөрү кэпсэтиигэ, күннээҕи бодоруһууга аҕа саастаах туора киһини даҕаны ытыктаан эмиэ этээччилэр.
Улахан убай — убайдартан сааһынан улаханнара, аҕалара, кырдьаҕастара.
Орто убай — аҕа уонна ийэ инилэриттэн, бииргэ төрөөбүттэриттэн сааһынан ортокулара.
Кыра убай — убайдартан сааһынан балыстара, кыралара, эдэрдэрэ.
Иитиэх убай — бииргэ төрөөбүт быраатын эбэтэр эдьиийин, балтын оҕотун бэйэтигэр ылан ииппит, киһи-хара гыммыт киһи.
Бырааттыылар, ини-биилэр — бииргэ төрөөбүт уолаттар, эр дьоннор.
Быраат эбэтэр ини эбэтэр бэйэ ини, эт-хаан ини, эбэтэр сурус, сурдьу — бииргэ төрөөбүт балыс саастаах уол, эр киһи.
Убай, эбэтэр Бии, эбэтэр бэйэ бии, эбэтэр эт-хаан бии — бииргэ төрөөбүт биир хааннаах, биир төрүттээх хаан-урууттан аҕа саастаах уол, эр киһи.
Улахан бии — хас даҕаны биилэртэн сааһынан саамай аҕалара, улаханнара.
Орто бии — эмиэ биилэртэн сааһынан ортокулара.
Кыра бии — биилэртэн саамай сааһынан эдэрдэрэ.
Эдьиий, аҕас, эдьиийдэр, аҕастар — бу судургута суох өйдөбүл.
1) аҕа уонна ийэ өттүлэриттэн көрүүгэ чугас уруу дьахталлартан саастааҕа; 2) төрөөбүт аҕаттан сааһьгнан аҕа саастаах эбэтэр, төттөрүтүн, ийэтээҕэр эмиэ аҕа саастаах дьахтар; 3) бииргэ төрөөбүттэртэн саастаахтара; 4) бу кини туһунан кэпсээччигэ (аҕа оҕотугар, ийэ оҕотугар) сыһыаннаах ол аҕа, ол ийэ балыстара эмиэ, биллэн турар, эдьиийдэр буолан хаалаллар; 5) күннээҕи кэпсэтиһиигэ убаастааһыны көрдөрөн аҕа саастаах туор, уруу-аймах буолбатах дьахтары этиэххэ эмиэ сөп.
Абаҕа эдьиий, аҕас — аҕа биитин кыыһа кэпсээччиттэн аҕа саастаах.
Абаҕа балыс — аҕа биитин кыыһа, балыс саастаах.
Эдьиийинэн уруу — эдьиий өттүнэн уруу буолбуттар уопсай ааттара.
Эт-хаан аҕас, эдьиий — бииргэ төрөөбүт кэпсээччиттэн аҕа саастаах кыыс, дьахтар.
Улахан эдьиий, улахан арс — эдьиийдэртэн, аҕастатан сааһынан аҕалара, кырдьаҕастара.
Орто эдьиий, орто аҕас — эдьиийдэртэн, аҕастартан сааһынан ортокулара.
Кыра эдьиий, кыра аҕас — эдьиийдэртэн, аҕастартан сааһьгнан саамай балыстара, кыралара, эдэрдэрэ.
Иитиэх эдьиий — бииргэ төрөөбүттэриттэн эбэтэр чугас урууларыттан оҕону бэйэтигэр ылан иитэр, ииппит-улаатыннарбыт, киһи гыммыт эдьиий.
Балыс уруу — кэпсээччиттэн сааһынан эдэр кыыс (дьахтар) эбэтэр бэйэтэ туспа дьиэ кэргэн буолбутугар урууларын уопсай аата.
Балтынан уруу — балыстан сиэттэрэн үөскүүр уруулар.
Эт-хаан балыс — бииргэ төрөөбүт кэпсээччиттэн сааһынан балыс кыыс, дьахтар.
Балыс — бииргэ төрөөбүт кыргыттартан, дьахталлартан сааһынан кыралара, эдэрдэрэ.
Улахан балыс — балыстартан аҕа саастаахтара, кырдьаҕастара.
Орто балыс — хас даҕаны балыстартан сааһынан ортокулара.
Кыра балыс — эмиэ хас даҕаны балыстартан сааһынан саамай кыралара, эдэрдэрэ.
Аҕас-балыс — бииргэ төрөөбүт кыргыттартан эбэтэр дьахталлартан биирдэрэ биирдэриттэн сааһынан аҕа, оттон иккиһэ, төттөрүтүн сааһынан балыс, эдэр. Сорох сирдэргэ бииргэ төрөөбүт дьоҥҥо сыһыаннаан дьуорту аҕас эбэтэр дьуорту балыс диэн эмиэ этэллэр.
Бии — бииргэ төрөөбүттэртэн аҕа саастаахтара киһи. Сороҕор дьуорту бии, дьуорту ини диэн бииргэ төрөөбүт аҕа саастаах киһи эбэтэр балыс саастаах киһи.
Ини-бии, ини-биилэр — бииргэ төрөөбүт уолаттар, игирэттэн атыттар. Онтон биирдэһэ сааһынан аҕата сэрэйиллэр уонна бии дэнэр.
Ини, кыра ини — бииргэ төрөөбүт уолаттартан балыс саастааҕа, инилэртэн балыһа.
Ини уруу, ини өттүнэн уруу — бииргэ төрөөбүт уол туспа баран ыал буоллаҕына кини өттүнэн урууну көрдөрөр уопсай өйдөбүл.
Кыра бии — бии буолбуттартан сааһынан кыралара, балыстара.

Сиэн, сиэннэр — аҕа, ийэ оҕолорун (ол аата күтүөт дуу, кийиит дуу буолбутта-рыттан) оҕолоро. Кинилэр үһүс ийэ, үһүс көлүөнэ дьон. Сиэн киһиэхэ аҕатынан уонна ийэтин аҕалара эһэнэн ааттаналлар, онтон кинилэр ийэлэрэ — эбэ. Эһэ бииргэ төрөөбүтэ эмиэ эһэ, хос эһэ, эбэ бииргэ төрөөбүтэ эбэ, хос эбэ буолаллар. Манна өссө эбии өйдөбүллэр үөскүүллэр: аҕа өттүнэн эһэни убай эһэ, абаҕа эһэ дэнэр, ийэ өттүнэн эһэни таай эһэ, эдьиий эбэ дэнэр.
Сиэн уруу — сиэннэринэн сибээстээн уруулары холбоон уопсайынан этэллэр.
Сиэнниилэр, сиэннии буолуу — уруурҕаһар сиэннэр хардарыта сыһыаҥҥа киириилэрэ.
Сиэн күтүө, күтүөт — сиэн кыыска кэргэнэ, эр буолбут киһи.
Сиэн кийиит — сиэн уолга кэргэнэ, ойох буолбут дьахтар.
Сиэн саҥас — сиэн уолга кэргэнэ, саҥарааччы киһиттэн аҕа саастааҕа.
Сиэн бии — сиэннэртэн сааһынан аҕа, улахан уол, эр киһи.
Сиэн ини — сиэннэртэн сааһынан балыс, кыра уол, эр киһи.
Сиэн аҕас — хас даҕаны сиэннэртэн аҕа саастаах кыыс, дьахтар.
Сиэн балыс — эмиэ итинник эрээри балыс саастаах кыыс, дьахтар.
Биллэх, биллэхтиилэр, биллэхтии буолуу, бэйэ биллэхтэр — эр киһи кэргэнин бииргэ төрөөбүт балтын дуу, эдьиийин дуу кэргэн ылбыт атын киһи. Эдьиийдии-балыстыы дьахталлары кэргэннэммит дьоннор бэйэ-бэйэлэригэр биллэхтиилэр, биллэхтии буолбуттар.
Улахан биллэх — биллэхтэртэн, биллэхтиилэртэн аҕа саастаах.
Орто биллэх — кинилэртэн сааһынан ортокулара.
Кыра биллэх — кинилэртэн саамай эдэр саастаах.
Бэргэн - Бииргэ төрөөбүт уолаттар ойохторо: бэргэн - бии ойоҕо; бадьа - ини ойоҕо.
Түҥүр, түҥүрдэр, түҥүртэр — күтүөт уонна кийиит өттүттэн эр киһи уруу.
Түҥүрдүү буолуу, түҥүрдүүлэр — түҥүрдэр уруурҕаһан хардарыта сыһыаннара.
Истиҥ түҥүр, чугас түҥүр — күтүөт дуу, кийиит дуу бииргэ төрөөбүттэриттэн эр киһи өттө.
Убай түҥүр — күтүөт дуу, кийиит дуу аҕатын эбэтэр ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт эр киһи.
Улахан, кырдьаҕас түҥүр — күтүөт уонна кийиит иккиэннэрин аҕаларыттан кырдьаҕаһа, саастааҕа.
Орто түҥүр, кыра түҥүр — хас даҕаны күтүөт уонна хас даҕаны кийиит баар буолар түбэлтэлэригэр тупуллар өйдөбүл.
Түҥүр оҕо — күтүөтү эбэтэр кийиити кытта бииргэ төрөөбүт уол.
Ходоҕой, ходоҕойдор — күтүөтүнэн дуу, кийиитинэн дуу сибээстээн уруу-аймах буолбут дьахтар.
Ходоҕойдуу буолуу, ходоҕойдуулар — ходоҕойдор хардарыта уруурҕаһар сыһыаннара.
Истиҥ ходоҕой, чугас ходоҕой — күтүөтү дуу, кийиити дуу кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар.
Кырдьаҕас, улахан ходоҕой — күтүөт уонна кийиит ийэлэриттэн аҕа саастаах.
Эдьиий ходоҕой — күтүөт дуу, кийиит дуу аҕатын эбэтэр ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар.
Улахан, кырдьаҕас ходоҕой, орто ходоҕой, кыра ходоҕой диэн эмиэ араартааһын кэриэтэ өйдөнүөхтээхтэр.
Таай-ийэ убайдарын ааттыыллар.
Аба5а-а5а убайдарын ааттыыллар
 
Ходоҕой оҕо — күтүөт уонна кийиит өттүттэн кыыс.
Игирэ, игирэлии оҕолор — биир кэмҥэ бииргэ төрөөбүттэр. Игирэ аҕа — икки кыыстан күн сирин бастакынан көрбүтэ, игирэ балыһа — киниттэн арыый да хойутаабыта, игирэ биитэ — икки уолтан бастакылаан төрөөбүтэ, игирэ инитэ — киниттэн хойутаабыта.
Уу игирэлэр — бэйэ-бэйэлэригэр тиэрэ бырах, умса бырах, үүт-үкчү маарыннаһар игирэлэр.
Бадьа — күтүөт бииргэ төрөөбүтүн кэргэнэ.
Бадьа балыс — күтүөт бииргэ төрөөбүтүн кэргэниттэн балыс саастаах дьахтар.
Бадьа эдьиий — күтүөт бииргэ төрөөбүт киһитин кэргэниттэн аҕа саастаах дьахтар.
Бадьа уруу, бадьалар — күтүөт бииргэ төрөөбүтүн кэргэнин өттүттэн аймахтар.
Киирии, кииринньэҥ эһэ — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу аҕата.
Киирии, кииринньэҥ эбэ — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу ийэтэ.
Киирии, кииринньэҥ аҕас, эдьиий — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу аҕа саастаах кыыһа, дьахтара.
Киирии, кииринньэҥ бии — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу аҕа саастаах уола, эр киһитэ.
Киирии, кииринньэҥ ини — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу балыс саастаах уола, эр киһитэ.
Киирии, кииринньэҥ оҕо — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу оҕото. Кинини сороҕор батыһыннарыы, батыһынньаҥ оҕо диэччилэр.
Киирии, кииринньэҥ уруу — киирии аҕа дуу, киирии ийэ дуу өттүттэн уруулар.

Туһаныллыбыт сир уларыт

Б.Н.Попов «Ыал быһаарыылаах тылдьыта» (Саха сирэ» хаһыат, 03.10.2002 с).