Устинова Мария Дмитриевна

Устинова Мария Дмитриевна - аатырбыт ыанньыксыт, Дьоруой ийэ.

1927 с. I Наахара нэһилиэгэр төрөөбүт.

1943 с. Устинов Иван Петровичтыын ыал буолбута. 11 оҕо ийэтэ, Герой Ийэ, элбэх сиэн, хос сиэн эбэлэрэ.

I Тыыллыма нэһилиэгэр 30-тан тахса сыл ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Биир ынахтан 4043 кг үүтү ыан үрдүк кирбиини ситиспитэ. Үлэтэ сыаналанан "Октябрьскай Революция" орденынан, "Үлэҕэ килбиэнин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Профсоюзтар Бүтүн Союзтааҕы XVII съезтэрин делегата, нэһилиэк, улуус Бочуоттаах гражданина.