Саха дьоно бары кэриэтэ былыргы өбүгэлэриттэн бэриллибит уус төрүттээхтэр. Уус төрүт баарыттан оҕо уһанарга дьоҕура, сыһыамаҕа, сатабыла дьарыктанан истэҕинэ эбиллэн иһэрэ үөскүүр.

Оонньуурдары оҥосто үөрэнииттэн оҕо уһанарга үөрэнэрэ саҕала-нар. Сөптөөх суоннаах талахтан быһан ынахтары, торбостору оҥоруу аан маҥнай соччо табыллыбатаҕын да иһин бэйэ оҥорбута буолан үчүгэйдик сыаналанар уонна уһуннук оонньонор. Талах ынаҕы араас эриэн гына дьүһүннээһин оҕо уһанар дьоҕурун улаатыннарар.

Туох эмэ тэрил угун, тутааҕын оҥорууну оҕо улаатан иһэн ситиһэр кыахтанар. Дьиэ таһыгар үлэҕэ элбэхтик туттуллар тэриллэ-ринэн хаар күрдьэр уонна буор хаһар күрдьэхтэр буолаллар. Күрдьэх угугар сөп түбэһэр суоннаах хатыҥ маһы тыаттан кэрдэн, сөп буолар уһунунан быһан, мутугун ыраастаан, туоһун эриэннээн баран күлүккэ ууран хатарыллар. Хаппытын кэннэ туоһун ыраастаан баран устурууһунан тэҥнээн, кылааккайдаан бэриллэр. Бэлэмнэммит угу күрдьэххэ олордууга кэдэгэрин үөһээ тутан күрдьэххэ кэтэрдиллэр, ыга саайыллар уонна кыра тоһоҕонон туттарыллар. Уктаммыт күрдьэҕи илиигэ ыллахха эргийэ сылдьыбата эрэйиллэр. 

Өтүйэ эбэтэр сүгэ уга ытаһата босхо бардаҕына, халкыҥнаа-таҕына тутта, охсуолуу турдахха туллан хаалыан сөп. Охсон истэххэ өтүйэ дуу, сүгэ дуу көтөн хааллахтарына дэҥи, оһолу оҥоруохтарын сөп. Ол иһин итилэринэн туттуох инниттэн ытаһалара хайдаҕын бэрэбиэркэлээн көрүүнү оҥоро сылдьыы ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Сахалыы остуол оонньуулара уол уһанар, оҥорор санаатын эрдэттэн уһугуннараллар. Хабылык оонньууру оҥостууга мас тырыыҥкалаан бэлэмнээһин элбэх үлэттэн, сытыы тэриллэринэн туһана үөрэнии кэнниттэн биирдэ кыаллар. Хаамыска оҥостуу эрбиири лаппа баһылаатахха уонна сытыы быһаҕынан сатаан тутта үөрэннэххэ эрэ табыллар. Ол курдук, эрбии саккааҕын сытыы быһаҕынан эрэ кылбаччы ыраастааһын кыаллар.

Уол уһана үөрэнэригэр ханнык эрэ умсугутар тэрили оҥосто үөрэнэрэ ордук туһалаах. Киинэҕэ көрөн бэстилиэти, автоматы сөбүлээтэҕинэ олору оҥосто сатыыра киирэн кэлиэн сөп. Ону тэҥэ, бу тэриллэр уолаттар оонньуулларыгар туттар сүрүн тэриллэрэ буолан оҥосто сатыыллара интэриэстэрин улаатыннарар.

Хаптаһынтан эрбээн бэстилиэт оҥостуу улахан уустуктардаах. Угун эрбииргэ хайа баран арахсан хаалан элбэхтик хомоторо. Ону эрдэттэн, эрбиэх инниттэн уга ханан буоларын уруһуйдаан бэлиэтээн баран боробулуоханы кытардан үүттэнэр уонна тоһоҕо саайан бөҕөргөтүү кэнниттэн эрбээтэххэ, син хайдыбакка хаалыан сөп.

Кыһын тымныы улааттаҕына бытарҕан диэн ааттанар. Маннык тымныыга кыра чыычаахтар син-биир сылдьаллар. Оҕолор чыычааҕы кыһын тымныы кэмҥэ аһыналлара ордук киирэр. Хайдах тымныыны тулуйалларын, тоҥон хаалбаттарын сөҕө көрөн улааталлар. Ол иһин чыычаахтарга туһаны оҥорон, көмөлөһөн аһыыр сир уонна уйа оҥорон биэрэргэ кыһанар санаалара киирэр. Ханнык эрэ фанера куһуоччугун булан, кыра мастарынан оҥорон араамалаан баран сылдьар сирдэригэр ыйаатахха уонна ас кутан биэрдэххэ кэлэн аһаабытынан бараллар. Оҕо чыычаахха тымныыны тулуйарыгар көмө оҥорбутуттан үөрүүтэ кэмэ суох улаатар.

Көтө сылдьар чыычааҕы көрүү киһиэхэ үөрүүнү аҕалар, көҥүл баарын курдук сымыйа өйдөбүлү биэрэр. Дьиҥнээҕэр тиийдэххэ чыычаах олоҕо олус ыарахан. Сыыһа туттардаҕына атыттар, сиэмэх-тэр тутан ылан сиэн кэбиһиэхтэрин сөп. Чыычаахха бэйэтигэр аналлаах уйата атын сиэмэхтэртэн харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Онно киирэ охсон саһан, эккирэтээччиттэн быыһаныан сөп. Оҕо чыычаахха суоһуур кутталлары биллэҕинэ аһынар санаата киирэн уйа оҥорон биэриигэ кыһанан ылсыһыан сөп. Ону тэҥэ, кыралары аһынар, көмүскүүр санаата онтон улаатар.

Тоһоҕону өтүйэнэн саайыы сэрэнэн уонна табатык оҕустахха эрэ кыаллар. Тарбаҕы охсон кэбиһии ыарыыта улаханыттан оҕо саллан хаалыан сөп. Ол иһин элбэхтик тоһоҕону, ону-маны саайан таба охсорго үөрэнии эрэйиллэр. Өтүйэнэн туһана үөрэниигэ токуруйан хаалбыт тоһоҕолору көннөрүү үлэтэ ордук табыллар. Урукку кэмҥэ тыаҕа тоһоҕо аҕыйаҕар араас дьааһыктар тоһоҕолорун тууран, көннө-рөн туһаныы баара. Бу элбэхтик охсуолуур үлэни баһылаатаҕына оҕо тарбаҕын охсунара аҕыйыырыттан өтүйэнэн таба охсорго, охсуу күүһүн таба туһанарга үөрэнэрэ биллэрдик түргэтиир.

Уол улаатан уһаныыны баһылааһынын бигэргэтэр үлэнэн сүгэ угун оҥоруута буолар. Анаан хатарыллыбыт, көнө саастаах, аҥардыы хайытыллыбыт хатыҥ мастан сүгэ уга оҥоруллар. Сүгэ туохха аналлааҕыттан угун уһуна быһаарыллар. Мас кэрдиитигэр туттуллар сүгэ уга, мас суорар сүгэ угунааҕар арыыйда уһун буолар. Улаханнык далайан күүскэ охсорго аналланар. Мас суорарга, уһанарга аһара күүскэ охсуолааһын туһата суоҕуттан сүгэ угун кылгаталлар.

Сүгэ укка хайдах тутулларыттан көрөн оҥоруу икки араастанар:

1. Угун тимиригэр ыга гына уган баран инниттэн ытаһалаан кэбиһии элбэхтик туттуллар. Сүгэ угун ытаһатын куруук көрө сылдьыы уонна халкыҥнаатаҕына чиҥэтэн биэрии эрэйиллэр.

2. Угу үчүгэйдик кыһан бэлэмнээн баран баһымньы угун курдук инниттэн ыга уган кэбиһиллэр уонна чиҥэтэ саайыллар. Маннык уктааһыҥҥа ытаһа диэн туттуллубат, сүгэ инниттэн ыгатык угул-ларыттан угуттан түһэн хаалбата судургутук ситиһиллэр.

Тутууга үлэлии сылдьан Попов Никифор диэн улахан уопуттаах кырдьаҕас тутааччыттан, бу ньыма туһунан билбитим уонна бэйэм оҥостон туһана сылдьыбытым. Ытаһата суоҕуттан босхо баран хаалбат. Ол курдук, мас куруук ыанан, уостан иһэриттэн сотору кэминэн босхо баран хаалыан сөп. Уктаах сүгэни киһи илиитигэр ыллаҕына ыйааһына тэҥ уонна эргийэ сылдьыбат буолара эрэйиллэр.

Оҕо уһаныыны баһылаабытын бэлиэтинэн туттар тэриллэр уктарын, тутаахтарын оҥорууну сатыырга үөрэниитэ буолар. Ону тэҥэ, араас долбуурдары оҥорон кыра малларын ууруон сөп.

Олоххо бэлэмнээх буолуу диэн оҕо уһана, оҥоро үөрэниитэ ааттанар. Олох устата тугу эмэ оҥоруу диэн үлэ киһиттэн ирдэнэн кэлиэн сөбүн эрдэттэн билэн, оҕо улаатан иһэн уһанары баһылаан кэлэн иһэр олоҕор бэлэмнэнэрэ эрэйиллэр.

Онон уол оҕо уһана үөрэнэрэ диэн саҥа саҕаланан эрэр олоҕор бэлэмнэнэрэ уонна үлэни баһылыырыгар оҥостунар баайа буолар. (1,59).

Туһаныллыбыт литература. уларыт

1. Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. Оҕону үлэлииргэ үөрэтии. – Дьокуускай: “Ситис”, 2024. – 100 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Үлэ.