Хаартылааһын — аналлаах хаарты холуодатын көмөтүнэн оонньонор остуол оонньууларын уопсай ааттара. Оонньуу саҕаланыытыгар оонньооччулар тэҥ туруктаахтар, хайдах хаарты тиксибититтэн уонна ону сөпкө туһанан утарылаһааччылары (эбэтэр бааны, казинону) кыайа сатыахтааххын.

Хаарты оонньууларын икки бөлөххө араарыахха сөп: сүүйүүлээх (сүүйсүүлээх) уонна өй оонньуулара.

Сүүйүүлээх оонньууларга табыллыы, сатаныы суолтаны ылар, ханнык хаарты кэлбититтэн хотуу-хотторуу улахан тутулуктаах. Маннык оонньууларга холобура, остуос, очкуо, бырыы киирэллэр. Үксүн бу оонньуулар түргэнник оонньоноллор.

Өй оонньууларыгар тоҕоос, ханнык хаарты оонньооччуга тиксибитэ инники күөҥҥэ тахсыбат, ол оннугар киһи бэйэтин оҕуруктаах өйө, сатаан аттаран оонньуура улахан суолталаах. Өй оонньууларын холобура: вист, бридж, преферанс. Бу оонньуулар уһун кэмҥэ бараллар.

Бу икки бөлөххө өссө үһүс бөлөҕү эбиэххэ сөп: судургу, дьону кытта алтыһарга аналлаах оонньуулар уонна оҕо оонньуулара. Бу оонньууларга табыллыы да, өй да, үксүгэр тэҥ суолтаны ылаллар. Холобурдар: дураак араас көрүҥнэрэ, марба.

Сорох оонньууларга, холобур очкуоҕа, бэйэни кыатаныы, тулуур улахан оруоллаах буолар.

Өссө маны көр уларыт