Хотугу Мариан Арыылара (ааҥл. Northern Mariana Islands), официально Хотугу Мариан Арыыларын Холбоһуктара (чаморро Sankattan Siha Na Islas Mariånas) — АХШ-ка киирэр гынан баран тутулуга суох дойду. Чуумпу байҕал арҕаа өттүгэр Мариан архипелаагын арыыларын сорҕотун ылар.

Сирин иэнэ — 463,63 км². Киинэ — Сайпан (оннук ааттаах арыыга). Барыта 14 арыы, бөдөҥнөрө — Сайпан, Тиниан, Рота.

Олохтоохторун ахсаана 53 883 киһи (2010). Омуктара: үксэ филиппиннар, кытайдар уонна чаморро.

Судаарыстыба тыла — ааҥыл.

Итэҕэллэрэ: католицизм сабырыйар.

Былаах 1989 сыллаахха ылыныллыбыт.