Шестаков Афанасий Федорович

Шестаков Афанасий Федорович (1925-1993) — биллиилээх ырыа айааччы[1].

Нам улууһугар Бөтүҥ нэһилиэгэр 1925 сыллаахха төрөөбүтэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кыттыылааҕа. Ем. Ярославскай аатынан Хотугу омуктар устуоруйаларын, култуураларын Саха сиринээҕи холбоһуктаах государсвтеннай түмэлин Намнааҕы филиалыгар өр сылларга сэбиэдиссэйиэн үлэлээбитэ.

С. Эльскай тылларыгар "Нам сирэ" диэн бастакы ырыатын 1957 с. айбыта. Ырыалара "Түүлэй түүнү сырдатар" диэн олоҕун уонна айар үлэтин туһунан кинигэҕэ киирбиттэрэ.

Быһаарыылар уларыт

  1. Андросов В.Т. уо.д.а. Саха ырыатын антологията / Васильев С.И.. — Дьокуускай: Бичик, 2015. — Т. 1. — С. 99-100. — 432 с. — 5000 экз.