Саха5а Ёс утары ёйдёбулэ туктэри диэн.( Туёрэ, туёкун, туёрэккэй суолга уктэммит, туёкэйдээмэ, туктэритин оцорор, туктэри быhыылаах.)

Айыы итэ5элэ этэр: Ёс тылларга оло5урар сиэри, угэhи кэhимэ. Туктэрини оцорон кэстэххинэ, ол- аньыы. Киhи тацнары таттаран, аньыыны оцорор буолла5ына кини бэйэтигэр эрэ сэти оцостор буолбатах. Кини аньыыны оцорон олоххо сэти уёскэтэр, ол тумугэр эцин алдьархайдар, алдьатыылар тахсаллар.

"Туктэри ёстёёх эмиэ тацнары таттаран эрэр ээ, атын ыаллар о5олорун курдук утуё5э тардыhар диэн суох" -, диэн ааспыт уйэ 60-70 сс эргинэ сорох тёрёппуттэр о5олорун мё5ёллёрун- такайалларын эт кул5аахпынан элбэхтэ истибитим.

Туктэри диэн тыл Ёксёкулээххэ ("научные труды"- якутск- 1979г-67стр.) баар. Онтон Уваровскай "Ахтыыларыгар" хас сирэй аайы сурулла сылдьар. Ёксёкулээх саха итэ5элин туhунан: "Развивалась якутская религия по общему ходу развития естественных религий. Если бы развитие её не было прервано православием, то оно приняло бы ещё более устойчивые и законченные формы"-, диэн суруйбут. Кырдьык, кини са5ана нуучча кэлиитигэр бэлиэтэммит саха итэ5элэ хантан тёруттээ5э чопчу биллибэт этэ. Онноо5ор билигин Айыы итэ5элэ хантан силистээ5э олох кёстён турар кэмигэр да5аны кёрё- кёрё кёрбётё5ё, билэ- билэ билбэтэ5э буолабыт. Биллэн турар, казактар кэлиилэригэр туц былыргы, инньэ Ахеменидтартан тёруттээх, саха итэ5элэ кырдьан, онуоха эбии сурук- бичик суох буолан, мёлтёён- ахсаан испит буолла5ына да кёцулэ. Оннук эбит буолла5ына, син эмиэ атын итэ5эллэр курдук, салайар- суруннуур уонна бобор тыллар- ёстёр диэн хайаан да саха тылыгар- ёhугэр ицэн сылдьар буолуохтаахтар. Онтон Ёксёкулээх (Якутск-79г.-67стр.) : "Запретительные поверья- (айыы, туктэри)" диэнинэн эрэ муцурдаммыт. Ити суруллар "айыы" дьицэр аньыы диэн буолуохтаа5а ёйдёнёр. Онтон "туктэри" туhунан этэр буоллахха: туёрэ, туёкун, туёрэккэй суолга уктэммит, туёрэ этимэ, туёкэйдээмэ, туктэритин оцорор, туктэри быhыылаах (кэмэлдьилээх) диэн тыллартан да кёрёр буоллахха: туктэри ёйдёбул куhа5ан, мёку, сыыhа диэн суолталардаах. Онтон "пословицы и поговорки" улэтигэр: "Пословиц религиозных оказалось очень мало.,,,Якуты не различают пословиц от поговорок, хотя с точки зрения науки имеются у них и те и другие. И не различая, дают им общее название "ёс хоhооно" (приблизительно "гармония слова") "-,диэбит. Ис дьицэр Ёксёкулээх ёс уонна туктэри ёйдёбуллэр дьиц суолталарын син билэр буолуон сёп эрээри, онно суолта биэрбэтэ5э кёстёр. Быhаарыылаах кылгас тылдьыт ёс диэн тылы 1.Умайбат буол, умулун. 2.Самныбыт дьуhуннэн.- диэн эрэ суолталардаах диэн быhаарар. Ол эрээри, бастакытынан, ити этиллэр тугэннэргэ (суолталарга) уос- уостар- уоhун- уостубут- уоhар- суоhар (фашиhы суоhарда) диэн эмиэ этэллэрэ. Иккиhинэн, ис дьицэр, былыргы саха5а ёс - итэ5эл ёйдёбулэ этэ. И.А.Худяков ("Краткое описание Верхоянского округа". Бичик. 2002г.-122стр.) суhэн ылан суруйарынан: "Туhааннаах ЁСКуН ЁhуЛЭЭН та5ыс, хатын эбэм!"-, диэн ыhыахха айыылартан кёрдёhёллёрё. (Итини чопчулуур буоллахха: уёрэтэр- такайар тылгын эт диэн кёрдёhёллёрё. О5о эрдэхпинэ ийэм: "Туктэри ёстёёх, дьэ эмиэ тацнары таттаран эрэр ээ, атын ыаллар о5олорун курдук тук курдук сылдьар, утуё5э тардыhар диэн суох"-, диэн мё5ёр- такайар буолара. Саха омугар, туёлбэлэргэ баар тёрут ёйдёбуллэр- тыллар сёпкё- ситэ ёйдёммёккё, токурутан суруллубута- суруллубата5а элбэх быhыылаах. Онуоха эбии олох ирдэбилигэр сёп тубэhистэ5э буолла5а буолан ёрё охсон ылар угэс ёруу баарына тёрут ёйдёбуллэри нуучча ёйдёбуллэригэр иэ5эн токурутан эридьиэстиир дьон да суох буолбатах. Олор тумуктэригэр халыым- кёмулуёк дэhэбит. Ёс- туктэри; Айыы- аньыы; Айыы хотуна; Суцкэн Эрили Хомпоруун Хотой Айыы; Туёрт харахтаах ыт уо.д.а сурун ёйдёбуллэрбитигэр балыйтардыбыт. Аhары баран дьыл- сыл диэни да дьиц ёйдёбулунэн ёйдёёбёт буола моцкурдаан эрэбит.

"$ 1" битенә кире ҡайтыу