Ямантау (башк. Яман тау — «куһаҕан (киҥнээх) хайа») — Соҕуруу Ураал үрдүкү чыпчаала. Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Белорецкай оройуонугар баар]. Хотугулуу-илин тайыырр, кэтитэ — 3 км, уһуна — 5 км. Сүрүн чыпчааллара — Улахан Ямантау (1640 м) уонна Аччыгый Ямантау (1510 м). Соҕуруу Ураал заповеднигар киирэр.