Үллэһик ахсаан аат (тыл)

Үллэһин аахсаан аат барамай хастыы буоларын бэлиэтиир уонна хастыы? төһөлүү? диэн ыйытыыга хоруйдуур.

Үллэһик ахсаан аат төһө быһаарыы, сиһилии, туһаан, толоруу буолан туттуллар: биһиги БИЭСТИИ күн үлэлээтибит, паартаҕа ИККИЛИИ оҕо олорор; УОНАЧАЛЫЫТТАН тахса, ОТУТТУУГА чугаһаабыт.

Үллэһин ахсааҥҥа –ТА сыһыарыы эбиллэн, хайааһын хастыыта буоларын эбэтэр барамай хастыыга үллэриллэрин бэлиэтиир. Холобур, Бары БИИРДИИТЭ, БИЭСТИИТЭ биэриҥ.